Убаастабыллаах биир идэлээхтэрбит,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун эбии үөрэхтээһинин ситимин бары үлэһиттэрэ,
уһуйааччылара уонна педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕин салалтата, кэлэктиибэ уонна улуус үөрэҕин үлэһиттэрин боропсойууһун кэмитиэтэ идэлээх бырааһынньыккытынан – Эбии үөрэхтээһин педагогтарын күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Кэнчээри ыччаппыт киэҥ билиилээх-көрүүлээх, дэгиттэр сайдыылаах уонна эт-хаан өттүнэн чэгиэн туруктаах буолан үүнэн-сайдан тахсарыгар эһиги күннээҕи дьаныардаах уонна ураты сыаллаах-соруктаах үлэҕит туһаайыллар, үөрэҕирии ситимигэр улахан суолталаах хайысханы ылар. Үөрэнээччи эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр сүрүн үөрэх бырагыраамматын таһынан бэйэтэ талан ылан сатабылын сайыннарар, дьарыктарга уһуйуллан айылҕаттан бэриллибит талаанын арыйар. Эһиги айымньылаах үлэҕит түмүктэринэн оҕо ылбыт билиитэ, сайыннарбыт сатабыллара инникитин идэтин сөпкө таларыгар, олоҕор суолун-ииһин буларыгар сүрүн тирэх буолар.
Күндү кэллиэгэлэр!
Эһиги хас биирдии оҕоҕо сүрэххит сылааһын иҥэрэн, кынатын арыйан киэҥ билиилээх, олоххо бэлэмнээх, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх үтүө киһи буолан үүнэн тахсарыгар ыытар сыралаах үлэҕитигэр махталбытын биллэрэбит. Үүнэр көлүөнэ инникитин туһугар түбүктээх үлэҕитигэр саҥа көрүүлэри, үрдүк ситиһиилиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну баҕарабыт!
Ирина Михайловна Плотникова, Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕириигэ салалтатын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу.
Иннокентий Михайлович Скрябин, үөрэҕирии үлэһиттэрин улуустааҕы территориальнай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ |