Алтынньы 8-17 күннэригэр улууспутугар, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэрин күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Мэҥэ Хаҥалас үөрэҕириитин 150 сылыгар аналлаах Майатааҕы «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ, үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору сайыннарар “Кэскил” киин, Аллараа Бэстээххэ үлэлиир оҕо-ыччат техническэй айар киинэ холбоһуктаах 10 күннээх дэкээдэ тэрийэн ыыттылар.
Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ холбоһук 28 педагогтарын уонна 26 үөрэнээччилэрин айар үлэлэрин көрдөрөр «Айар түһүлгэ» уус-уран быыстапкалара арыллыбыта. Бу күннэргэ түмэлгэ муостан, мастан, ювелирнай, тимир, туостан, туойтан оҥоһуктар, кыл-сиэл үлэлэр, куукулалар, таҥаһы кырааскалааһын, паперкрафт ньымаларынан оҥоһуллубут, оҕуруоттан үлэлэр көрөөччү сэҥээриитин ылаллар.
Ол кэннэ Дмитрий Ходулов аатынан тыйаатырга холбоһуктаах кииннэр үлэһиттэрин, педагогтарын бэстибээлэ ыытыллан эбии үөрэхтээһиҥҥэ өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбит бэтэрээннэри эҕэрдэлээн, махтал тыллары эттилэр, наҕараадалары туттаран айар киэһэни бэлэхтээтилэр.
|