Сэтинньи ый 27 күнүгэр «Педагог уонна настаабынньык» сылыгар, Арассыыйаҕа Ийэ күнүгэр аналлаах «Ийэ баар бу сиргэ Аан дойду аанньала» диэн туостан хартыыналарын Егорова Туйара Дмитриевна - “Туос Туйаара” «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин Киин педагога, Моорук орто оскуолатын “Оһуор” оҕо студиятын салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, норуот маастара бэйэтин персональнай быыстапкатын улуус дьонугар анаан Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ туруорда.
Бу күн түмэл түһүлгэтин аанын арыйан үгүс дьон кэлэн көрдө-иһиттэ. Бастакы үөрүүлээх чааһыгар эҕэрдэ тылларын эттилэр Моорук оскуолатын директора Апросимова Л.А., «Кэрэли» эбии үөрэхтээһин киин салайааччыта Охлопкова А.А., маастардар түмсүү аатыттан лицей учуутала Птицына Д.А., кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Масаха М.И. уонна аймахтар истиҥ тылларын тиэртилэр.
Турбут быыстапка ис хоһооно ийэҕэ анаммыта чопчу көстөр, айылҕа матырыйаалынан туостан аттарыллан, ураты көстүүлээх улахан хартыыналар буолбуттарын киһи сөҕө көрөр.
Тэрээһин чэрчитинэн Туйара Дмитриевна биэс ийэҕэ «Туос тойуга» маастар-кылаас ыытта, үөрэнээччилэрэ Скрябина Сайнаара, Дордосова Паша оҕолорго аналлаах маастар-кылаас бэлэмнээн кэлэн бэрт көхтөөхтүк ыыттылар. Маастар кылаас түмүгүнэн туос хартыынаны бэлэх тутан кэлбит ийэлэр, оҕолор үөрүүлэрэ үрдээтэ.
Быыстапка сэтинньи ый 27 күнүттэн ахсынньы ый 7 күнүгэр дылы Р.Г. Васильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэлгэ турар, кэлэн көрүн, сэргээн.
Баишева Е.С., “Кэрэли” киин методиһа
#ГодПедагогаНаставника
#ГПН_2023
#ГПН_МКулус
|