Арассыыйа уонна Кытай икки ардыгар култуура эйгэтигэр сибээһи сайыннарыы иитинэн КНӨ Удалянчи куоратыгар тохсунньу 5-9 күннэригэр «Дружба-2024» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстэбээл буолан ааста.
«Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн «Дохсун» (сал. Васильева Юлия Ивановна), «Тэтим» (сал. Антонова Елизавета Викторовна), «Күннээйик» (сал. Брызгалова Нюрбина Михайловна), Гран-при, «Туллукчаан» (сал. Атласова Надежда Эдуардовна) Лауреат үрдүк аатын ылан кыайыыны аҕаллылар. Бу улуус, нэhилиэк культурнай олоҕор биир бэлиэ түгэнинэн буолла. Инникитин өссɵ да элбэх ситиһиилэргитинэн ʏɵрдэ туруҥ, хас биирдиигит олоҕор кэрэ кэккэлэстин, дьол тосхойдун!
|