Соторутааҕыта Белоруссия Гомель куоратыгар Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө сыллата тэриллэр патриотическай “Дьоруой суолунан” экскурсияҕа Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан үөрэххэ, успуорка, айар үлэҕэ, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөх 29 үөрэнээччи кыттынна.
Оҕолору Төҥүлү орто оскуолатын учуутала Сергей Громов уонна Дьабыыл оскуолатын дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Софья Прокопьева салайан илдьэ сырыттылар. Маннык бырайыак 2016 сылтан саҕаламмыт.
“Түөрт күн устата оҕолор элбэҕи биллилэр, саҥаны-сонуну арыйдылар. Маҥнайгы күҥҥэ XVIII үйэҕэ Арассыыйа судаарыстыбатын биллиилээх дьоно Румянцевтар уонна Паскевичтар олорон ааспыт дыбарыастарын устун экскурсияҕа сырыттыбыт. Экскурсовод Ирина кэпсээнин оҕолор сэҥээрэн иһиттилэр, элбэҕи ыйыталастылар. Дыбарыас тутуллуоҕуттан хаста да өрөмүөннэммит, саҥардыллыбыт. 1919 сыллаахха Стрекопытовскай өрө турууга, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр улаханнык эмсэҕэлээбит. 1857‒1858 сылларга император Александр II кэлэригэр анаан култуурунай экспозиция мусуойун быһыытынан тэрийбиттэр. Дыбарыас Сож өрүс үрдүгэр турар. Паарка устун хаама сылдьан оҕолор тииҥнэри, араас экзотическай мастары, кубалар устар Гомеюк үрэхтэрин, паамытынньыктары кытта билистилэр.
Салгыы Кыһыл Биэрэк диэн Гомель куораттан 105, Жлобинтан 20 биэрэстэ тэйиччи сиргэ мемориальнай комплекска тиийдибит. Бу сэрии ыар кэмнэригэр аччыктаан, донарскай концлааҕырга түбэһэн, дьоллоох оҕо сааһы билбэтэх, сырдык тыыннара быстыбыт оҕолорго анаан тутуллубут комплекс. Өстөөхтөр Белоруссия Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо 16 канцлааҕырын тэрийбиттэр. 1941 сыл балаҕан ыйын 5 күнүгэр Кыһыл Биэрэк дэриэбинэҕэ саба түһэн, фашист- саллааттарыгар аналлаах госпиталы туппуттар. Госпитальга 12 тыһыынча оҕо дуонардаан, тыыннара быстыбыта саныырга ыарахан, киһи өйүгэр баппат… Мемориальнай комплекс урукку концлааҕыр оннугар тутуллубут, кини күн ойуулаах уонна аҕыс күн утахтаах. Илиитин кириэстии өрө уунан, атаҕын төбөтүгэр турар улаатан эрэр кыыс паамытынньыга туруоруллубутун көрдүбүт. «Үрүҥ кылааска» (“мертвый класс”) маҥан дуоскаҕа Катя Сусанина сэриигэ сылдьар аҕатыгар анаан хаалларбыт суругун харах уулаах аахтыбыт. “Эрэл хараабылын” (“Кораблик надежды”) маҥан парустарыгар оҕолор ааттара суруллубут. XIX үйэҕэ тутуллубут генерал Михаил Готовскай уһаайбатын көрдүбүт.
Үһүс күммүтүгэр Гомель куорат байыаннай мусуойугар сырыттыбыт. Мусуой 2005 сыллаахха Белоруссия куорат босхоломмута 60 сылын көрсө тэриллибит. Былыргы үйэттэн билиҥҥи кэмҥэ диэри сэрии маллара бааллар. ХХ үйэтээҕи сэрии тиэхиньикэтин паарката оҕолор интэриэстэрин тарта.
Бүтэһик күҥҥэ биир дойдулаахпыт, сахалартан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов көмүллэ сытар көмүс уҥуоҕар веногу уонна дойдутун буорун уурдубут. Биһигини кытта Федор Кузьмич көмүс уҥуоҕар сүгүрүйэ хаан-уруу сиэн аймахтара ‒ В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 10 «б» кылааһын үөрэнээччитэ, Дьоруой улахан убайын Назар Кузьмич хос-хос сиэнэНастя Петрова, улахан эдьиийин Прасковья Кузьминична хос сиэнэ, Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Вова Яковлев, балтын Евдокия Кузьмична хос сиэнэ Бэдьимэ орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айсена Андросова сырыттылар. Кинилэр өбүгэлэрэ Кузьма Самсонович Попов ‒ Федор Кузьмич Попов аҕата.
Хас эмэ тыһынчанан биэрэстэни куоһаран айаннаабыт уһун айаммыт, устуоруйаҕа киирэр суолталаах экскурсия өйбүтүгэр-санаабытыгар сүппэттии иҥнэ. Гомель куорат туһунан өйдөбүл Саха сирин үөрэнээччилэрин хараҕар ытыктабылы, махталы ылыан ыла туруоҕа” – диэн экскурсия салайааччылара Сергей Громов, Софья Прокопьева кэпсииллэр.
“Эркээйи” хаһыат
|