Олунньу 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дойду нэһилиэгэр үс бүк үөрүүлээх күн тосхойдо. Улуус 90 сыллаах үбүлүөйүн көрсө нэһилиэккэ үөрэҕирии ситимэ төрүттэммитэ 100 сылыгар аныгылыы тииптээх саҥа оскуола-саад аһылынна.
Саҥа арыллыбыт кыһаҕа дойдулар биир киэн тутта ааттыыр киһилэрэ, Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, үрдүкү оскуола уонна РФ норуот үөрэҕириитигэр туйгуна Степан Федотович Попов аата иҥэриллэр долгутуулаах түгэнэ эмиэ бу күн буолла.
Эбийиэк символическэй күлүүһүн “Модун” ХЭТ салайааччыта Антон Варламов оскуола-саад дириэктэригэр Зоя Ефимоваҕа үөрүүлээх быһыыга туттарда. СӨ Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, дьокутааппыт Юрий Баишев, СӨ Тутууга миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев бу дьоро күн күндү ыалдьыттарынан буолбуттара тэрээһин суолтатын өссө үрдэттэ.
“Дойду нэһилиэгэ” МТ баһылыга Федор Федоров оскуола-саад тутуутугар суолта биэрэн көмөлөспүттэрин иһин олохтоохтор ааттарыттан махтанан туран Александр Жирковка уонна улуус баһылыгар Николай Старостиҥҥа “Дойду нэһилиэгин Бочуоттаах гражданиннара” ааттарын иҥэрдэ.
Саҥа оскуола-саады туттарыы туруорсуута өссө 2001 с. саҕаламмыта. Оччолорго халаан уута кэлэн урукку оскуола дьиэтин акылаатын сытытан, оҕолор доруобуйаларыгар куттал суоһаан, элбэх сыранан-сылбанан ылыныллыбыт былаан туолан, 2017 с. “Үтүө дьыала” хамсааһын бырагырааматынан саҥа эбийиэк акылаата туруоруллубут. Дойду нэһилиэгэр күн-бүгүн төһө да аҕыйах ахсааннаах киһи олордор, географическай балаһыанньата, сирэ-уота табыгастааҕынан кэскиллээх нэһилиэк буолар. Ыччат олохсуйуута сыыйа элбээн иһэр.
Бүгүҥҥү дьоро күн көлүөнэлэр мустан, оҕо саастарын санаан-ахтан, “Дойду оскуолата” диэн буруолуу сылдьар бэрт сэргэх ахтыы кинигэтин тутан, үөрэн-көтөн көрсүһүү биэчэригэр көхтөөхтүк кытыннылар. Төрөөбүт дойдуларыгар ахтылҕаннарын таһаардылар.
Ааптар: Виктория Белолюбская.
Источник: https://ulus.media/
|