Быйыл Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕин ситимигэр "Педагог үлэтин таһымын үрдэтии" сыла биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн бу сылга 5 дьарык улуус үөрэҕин тэрилтэлэрин салайааччыларыгар былааннаммытыттан, бастакы дьарык олунньу 15 күнүгэр Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто оскуолатыгар буолан ааста. Семинарга 30 директор, 34 оҕо саадын сэбиэдиссэйдэрэ, улуустааҕы үөрэх салалтатыттан 8 методист, Дьокуускай куораттан Донской аатынан үөрэх сайдыытын институтуттан 3 специалист кыттыыны ыллылар. Семинарга мустубуттар Хаптаҕай оскуолатын учууталларын уруоктарыгар, уруогу таһынан дьарыктарга, Хаптаҕайдааҕы оҕо Киинин иитээччилэрин дьарыктарыгар сырыттылар. Ол кэннэ иккис түһүмэҕинэн көрбүт уруоктарын, дьарыктарын ыалдьыттар анаализтаатылар, ырыттылар, бэйэлэрэ саҥа стандартка эппиэттиир уруок былаанын оҥордулар, ону көмүскээтилэр.
Семинар «Основная образовательная программа образовательной организации как инструмент введения ФГОС» диэн теманан ыытылынна. Бу мероприятие сыала – директордар оскуола, детсад хаһаайыстыбаннай эрэ өртүн көрөр буолбакка, үөрэх ис хоһоонугар быһаарсар буолуохтаахтар. Ол иһинэн уруогу, дьарыгы сатаан ырытар, өйдүүр эрэ буоллахтарына, үөрэх хаачыстыбата тупсарын ситиһэллэрэ чахчы.
Оскуола директорын үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччытыттан Кычкина Ирина Владимировнаттан семинар туһунан ыйыталастым.
- Ирина Владимировна, хас учуутал, ханнык аһаҕас уруоктары семинарга көрдөрдүлэрий?
- 3 учуутал аһаҕас уруок уонна 3 учуутал аһаҕас дьарык ыыттылар. Мандарова Мария Михайловна 8 кылааска химия уруогун ыытта, Егорова Айталина Семеновна 5 кылааска саха литературатын уруогун ыытта уонна Терентьева Александра Юрьевна 6 кылааска английскай тылын уруогун ыыттылар. Ону таһынан Афанасьева Саргылана Петровна 3 кылааска “Кылаас бырайыага”, Шарин Юристан Валерьевич 4 кылааска “Инфознайка” уонна Зыков Прокопий Игнатьевич 2 а,б кылаастарга холбоон “Патриот” дьарыктарын көрдөрдүлэр.
- Семинарга көрдөрөр аһаҕас уруоктаргытын хайдах талбыккытый?
- Учууталлар былаанынан баран иһэр, “Сетевой город” диэн электроннай журнал расписаниетыгар киирбит уруоктарын, дьарыктарын көрдөрбүттэрэ.
- Аһаҕас уруоктар, дьарыктар төһө үчүгэйдик аастыларый?
- Уруоктар үчүгэйдик аастылар, оҕолорбут үчүгэйдик үлэлээтилэр, уруоктар туруорбут сыалларын ситистилэр. Семинар кыттылаахтара оҕолор билиилэрин таһыма үрдүгүн, санааларын сөпкө, аһаҕастык этэллэрин бэлиэтээтилэр.
- Маннык аһаҕас уруогу ыытыы учууталга тугу эмэ туһалыыр дии саныыгын дуо?
- Уруок эрэ туһунан буолбакка, мероприятие барытын туһунан эттэххэ, мин санаабар маннык улахан мероприятиялар оскуола коллектива сомоҕолоһуутун күүһүрдэллэр. Дьиэҕэр ыалдьыты үчүгэйдик көрсөргөр, ыал хас биирдии киһитэ бэлэмнэнэрин курдук, маннык мероприятиеҕа коллектив барыта биир киһи курдук турунан кыһаллар, ким да туора туран хаалбат. Ити олус үчүгэй. Иккиһинэн, эн ыйытыыгар хоруйдуур буоллахха, аһаҕас уруок ыытыы учууталларга да, директордарга да туһалаахтык ааста дии саныыбын. Учуутал уруогун атын киһи хараҕынан көрөн, үлэлии сылдьар үлэтэ төһө көдьүүстээҕин сыаналанар, туох сыыһаны-халтыны оҥорорун хайдах көннөрүөн сөптөөҕүн ылынан оҕону үөрэтии таһыма үрдүүрүн ситиһэргэ дьулуһар. Директордар өттүлэриттэн этэр буоллахха, кинилэр уруок хайдах өссө көдьүүстээхтик барыахтааҕын толкуйдаан, сүбэлэһэн, туох уларытыы киллэриэххэ сөбүн тобулан, көрбүт уруоктарыгар технологическай карта оҥорон таһаардылар.
- Эн санааҕар семинар сыалын ситтэ дуо?
- Мин санаабар, кэлбит салайааччылар практическай үлэҕэ кыттыһан, ИРОиПК лекцияларын истэн, семинар көдьүүстээхтик ааста, сыалын ситтэ.
- Улууспут үөрэҕириитин үлэһиттэригэр тугу баҕарыан этэй?
- Баҕарыам этэ, иитэр-үөрэтэр оҕолорбут киһи киэҥ туттар, Саха Сирин сайыннарар дьон буола улааталларыгар. Учуутал идэлээхтэргэ – ыарахан эрээри интириэһинэй үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри! Салайааччыларга – улууспут үөрэҕириитэ сайдарын туһугар өссө таһаарыылаах үлэни!
Биһиги семинарга кыттыбыт ИРОиПК специалиһыттан ыйыталастыбыт.
-Бэйэҕитин билсиhиннэриэххит дуо?
-Мин аатым Слепцова Саргылана Давыдовна, ИРО и ПК педагогика уонна психология кафедратыттан улуус директордарыгар семинар ыыта кэлэ сылдьабын.
- Семинар тѳhѳ табыгастаахтык ааста дии санаатыгытый?
- Директордарга олус туһалаах семинар буолла. Биһиги тыа оскуолата хайдах үлэлии олорорун кѳрдүбүт, оскуола учууталлара үрдүк таһымнарын тутан үлэлииллэрин, агрокомпонены үөрэх былааныгар хайдах киллэрэллэрин кѳрдѳрдүлэр.
- Биһиги оскуолабыт туһунан бастакы туох санаа үѳскээтэй?
- Оскуолаҕа чугаhаан истэхпинэ, кыра, эргэ мас дьиэ буоларын көрбүтүм. Онтон иhирдьэ киирбиппит олус сырдык, ыраас, аныгылыы тутуулааҕын көрөн соһуйдубут. Оскуола олус элбэх күѳх үүнээйилээҕин көрөн сөхтүм, тоҕо диэтэргин маннык мас оскуолаларга сибэккини үүннэрэр олус ыараханын ѳйдүүбүн. Күммүт этэҥҥэ ааһарын билгэлээбит курдук түннүктэргэ үүнэн турар рассадалар, сырдык сааскылыы күн тыгара, бу курска бастакы семинар олус таһаарыылаахтык, үрдүк таhымнаахтык ааһыа диэн тута санаа киллэрбитэ.
Yhүс интервьюбутун Матрена Петровна Птицынаттан, Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын директорыттан ыллыбыт.
- Семинар тѳhѳ табыгастаахтык ааста дии санаатыгытый?
- Олус табыгастаах. Хаптаҕай оскуолата развивающай обучение¸ сатабыл технологияларынан үлэлииринэн улууска биллэр. «Урок» диэн директордар курстарын маҥнайгы семинара Хаптаҕай оскуолатыгар буолбута олус табыгастаах.
- Биһиги оскуолабыт туһунан бастакы туох санаа үѳскээтэй?
- Бу оскуолаҕа элбэхтэ сылдьыбытым, бастакы сырыым буолбатах. Уруккуттан уларыйыыта диэн, оскуола сылыйбыт, сибэкки элбээбит уонна хас кэллэхпит аайы оҕолор сайдан иhэллэрэ учууталлар сѳптѳѳх технологияны туhанан үѳрэтэллэрин туоhулуур. Оҕолор олус аhаҕастар, санааларын сайа этэллэр. Сатабыл да, развивающай да технология оҕону ылбыт үѳрүйэҕин таба туттан, бэйэтин санаатын сайгыччы этэргэ үөрэтэр.
- Арай эhигини үѳрэх миниистиринэн анаатахтарына, тугу уларытыа этигитий?
- Мин урукку кэм оҕото буоламмын, оскуолаларга проиводственнай практиканы элбэхтэ киллэриэм этэ. Үөрэххэ үлэнэн иитии билиҥҥи кэмҥэ дьүөрэлээн барыахтаах дии саныыбын. Оччоҕуна эрэ оҕо кыра сааhыттан үлэҕэ сыhыаннаах буолар.
Суруйдулар: Терентьев Стас, 8 кылаас, Стручкова Сайаана, 6 кылаас үөрэнээччилэрэ
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Слободчикова Наина, 10 кылаас үөрэнээччитэ
|