Улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинэ “Ыал эйгэтэ” тосхолунан субуота күнү “Дьиэ кэргэн күнүгэр” анаан, төрөппүттэргэ “Күн педагогиката, төрүччү үөрэҕэ удьуордааһын утума” диэн төрөппүттэргэ анаммыт сайдам санаа сайдар түһүлгэтин алтынньы 13 күнүгэр тэрийдэ. Бу күн ыал култууратын киинин тэрийээччитэ, дьиэ кэргэн педагога Любовь Семеновна Аргунова, дьиэ кэргэн сүбэһитэ, психолог Любовь Фридриховна Платонова, дьиэ кэргэн сайдар тутулун үөрэтээччи, психолог Нина Ильинична Слободчикова ыалдьыттаатылар. Тэрээһини улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинин дириэктэрэ Марианна Юрьевна Билюкина салайда. Тэрээһиҥҥэ төрөппүттэр кыттыыны ылан ыал эйгэтин, төрүччү үөрэҕин туһунан сэргэх кэпсэтиини сэҥээрдилэр. Оҕолор оҥоһуктарын быыстапкатын сэргээтилэр. Дьиэ кэргэн педагогтара төрөпүттэргэ элбэх туһалаах сүбэлэри-амалары биэрдилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Зоя Герасимова
|