“Детсадтарга полилингвальнай үөрэхтээһин” диэн проегынан үлэлии сылдьар, республика 10 детсада биир сиргэ мустан санаа атастаһар, үлэ хаамыытын билиһиннэрэр үгэстээхпит. Ааспыт сылларга маннык көрсүһүүлэр Дьокуускай куоракка «Туллукчаан», Горнайга «Сардаана», Мугудайга «Чуораанчык», Чурапчыга “Улыбка” оҕону сайыннарар кииҥҥэ буолбуттара. Маныаха, бу дьыл, кулун тутар 20 күнүгэр Майатааҕы “Мичил” оҕону сайыннарар киин, өрөспүүбүлүкэҕэ бу проегынан үлэлии сылдьар детсаттары мунньан семинар ыыттылынна. Манна Чурапчы, Уус-Алдан, Дьокуускай, Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас улуустара кыттыыны ыллылар.
Семинар икки чаастан турда. Ол курдук күн бастакы аҥарыгар “Мичил” детсад иитээччилэрэ оҕону үс тыл эйгэтигэр хайдах киллэрэллэрин, туох, хайдах үлэлии сылдьалларын туһунан уопут атастастылар, тус санааларын, көрүүлэрин кэпсээтилэр.
Күн иккис аҥарыгар «Дьэрэкээн өҥнөөх планета» диэн үлэһиттэр уонна оҕолор кыттыылаах 3 түһүмэхтээх представление көрдөрдүлэр. Ол курдук бастакы- сахалыы түһүмэххэ, үлэһиттэр оҕолору сэргэ олоҥхолообуттарын, хомустаабыттарын ыалдьыттар сэҥээрдилэр. Нууччалыы түһүмэххэ оҕолор ырыаны-тойугу оройуттан туттулар. Английскайдыы түһүмэххэ С.Я. Маршак «12 ый» остуоруйа матыыбынан, театрализованнай дьүһүйүүнү оҕолор чаҕылхайдык толордулар.
Төгүрүк остуолга кэлбит ыалдьыттар семинар үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтээтилэр уонна ис сүрэхтэриттэн махтаннылар. Аныгыс сырыыга полилингвальнай хайысханан үлэлии сылдьар детсадтар Уус –Алдан улууһугар барар гына былаан туруоруннулар.
МБОИYТ «Майатааҕы «Мичил» оҕону сайыннарар киин»
|