Майатааҕы «Чуораанчык» оҕо саада Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Удалянчи куоратыгар бастакы Норуоттар икки ардыларынааҕы «Доҕордоһуу-2024» бэстибээлгэ, тохсунньу 6-12 күннэригэр, Розалия Андреевна Шарина салайааччылаах, 9 оҕо, 7 төрөппүт буолан, «Муус кыырпахтара», «Уран-уус» үҥкүүлэринэн кыттан II-с истиэпэннээх Лауреат аатын ылан кэллилэр.
Розалия Андреевна конкурс кыттааччыларыгар сахалыы үҥкүүнэн мастер-кылаас ыытан көрдөрдө.
Уопсайа 500 кыттааччы бэстибээлгэ кытынна, саамай кыра кыттааччылар биһиги оҕолорбут: Попова Сияна, Суворова Авелия, Тимофеева Кэрэли, Шарин Артур, Старостина Лилиана, Егорова Милана, Пестерев Артем, Афанасьев Алеша, Алексеев Ганя.
Хэйлунцзян паркатыгар, Бэйан куоракка, Чжунлин храмыгар экскурсияҕа сырыттылар, элбэххэ-саҥаҕа үөрэннилэр.
Бу күрэх оҕолорго уонна төрөппүттэргэ элбэх умнуллубат чаҕылхай түгэннэри бэлэхтээтэ.
|