|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2020 » Март » 12 » Чугуновскай ааҕыылар
17:27
Чугуновскай ааҕыылар

2020 с. кулун тутар 11 күнүгэр академик Афанасий Васильевич Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар региональнай научнай-практическай «Чугуновскай ааҕыылар» буолан аастылар.

Тэрээһини А.В. Чугунов аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ Ж.Неустроева матыыбыгар Афанасий Васильевич бэйэтэ суруйбут агро-оскуолаларын гимининэн астылар. Манна “Нооһой сиэттэрэ” литературнай бөлөх А.В. Чугунов хоһооннорун аахта, “Тэлээрис”оҕо үҥкүү ансаамбыла эҕэрдэ нүөмэри көрдөрдүлэр.

Нэһилиэк баһылыга В.Г. Никифоров, академик А.В Чугунов, оскуола дириэктэрэ Л.Д.Сыромятникова эҕэрдэ тыллары эттилэр. “Чугуновскай агро-ааҕыыларга” Амматтан, Уус-Маайаттан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан — барыта 16 оскуолаттан 191 оҕо кытынна.

Ыалдьыттар бастаан А.В. Чугунов аатынан түмэли, «Мэҥэбил» олох сэһэнин киинин, оскуолаҕа чэлгийэ үүммүт сибэккилэри кэрэхсии көрдүлэр. Экспердэр аҕыс хайысханан үлэлээтилэр: “Растениеводство” – В.В.Устинова, Е.М.Терентьева, О.И.Дьяконова, “Ветеринария, биология, экология” – А.П.Аржакова, Л.Д.Степанова, С.И.Алексеева, “Животноводство. Мелкое домашнее хозяйство”- Ф.Д.Бысыин, В.В.Сысолятина, А.В.Криогорницына, «Пчеловодство, домашняя аптека» - А.В.Реев, Н.П.Пахомов, Т.А.Игнатьева, “Мое село” – В.Г.Никифоров, А.П.Семенова, Л.К.Баишева, “Экономика с/хозяйства, предпринимательство”- О.П.Монастырева, Д.Д.Васильева, Т.Н.Колесова, «Агроинженерия, с/х техника. Агробиотехнология, агроробототехника» - Ш.Т.Юсупов, А.Н.Охлопкова, Р.Н.Неустроев, “Художественнная часть. О Родине, о мужестве, о славе”- П.Г.Дягилев, М.Р.Сыромятникова, М.Д.Куприянова.

Кыайыылаахтарынан буоллулар:

“Растениеводство”-

  • I истиэпэннээх диплом – Семен Попов, Айсен Герасимов (8 кылаас, Мэлдьэхси);
  • I истиэпэннээх диплом - Майя Федорова (Рассолода);
  • II истиэпэннээх диплом – Влада Говорова (11 кылаас, Бэйдиҥэ, Уус Алдан улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Юлиана Лебедкина (9 кылаас, Найахы, Уус Алдан улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Люда Алексеева (10 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • III истиэпэннээх диплом – Милена Неустроева (5 кылаас, Мэлдьэхси);
  • III истиэпэннээх диплом – Настя Нифодьева (5 кылаас, Петропавловск, Уус Маайа улууһа);
  • III истиэпэннээх диплом – Лия Горохова ( 8 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата).

“Ветеринария, биология, экология”-

  • I истиэпэннээх диплом – Наташа Николаева (11 кылаас, Петропавловск, Уус Маайа улууһа);
  • I истиэпэннээх диплом – Карина Колесова (7 кылаас, Мэлдьэхси);
  • II истиэпэннээх диплом – Ким Федоров (10 кылаас, Найахы, Уус Алдан улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Максим Барашков (8 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • II истиэпэннээх диплом – Диана Чемпосова (9 кылаас, Бөтүҥ, Амма улууһа);
  • III истиэпэннээх диплом – Виталий Басов (8 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • III истиэпэннээх диплом –Алена Деляева (9 кылаас, Мээндиги, Амма улууһа);
  • III истиэпэннээх диплом – Снежана Новгородова ( 11 кылаас, Тулуна, Уус Алдан улууһа).

“Животноводство» -

  • I истиэпэннээх диплом – Лия Васильева (11 кылаас, Тулуна, Уус Алдан улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом –Александр Федоров (5 кылаас, Абаҕа, Амма улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Айыына Троева;
  • III истиэпэннээх диплом- Александр Слободчиков (10 кылаас, Хаптаҕай);
  • III истиэпэннээх диплом –Александра Габышева (11 кылаас, Балыктаах).

 “Мелкое домашнее хозяйство”-

  • I истиэпэннээх диплом – Саина Маркова, Марина Григорьева (8 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • II истиэпэннээх диплом – Ярослав Жирков (7 кылаас, Бэйдиҥэ, Уус Алдан улууһа);
  • III истиэпэннээх диплом – Джулия Христофорова (10 кылаас, Рассолода).

«Пчеловодство, домашняя аптека» секцияҕа -

  • I истиэпэннээх диплом - Юрий Решетников (11 кылаас, Мэлдьэхси);
  • I истиэпэннээх диплом – Туйаара Эверстова (Абаҕа, Амма улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Виолетта Строева (7 кылаас, Абаҕа, Амма улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Саргы Колосова (6 кылаас, Хорообут);
  • II истиэпэннээх диплом – Нарыйаана Николаева (6 кылаас, Мэлдьэхси);
  • III истиэпэннээх диплом – Данил Иванов (6 кылаас, Балыктаах);
  • III истиэпэннээх диплом – Галя Шарина (8 кылаас, Мэлдьэхси).

“Экономика с/хозяйства, предпринимательство”-

  • I истиэпэннээх диплом- Карина Соловьева (Рассолода);
  • I истиэпэннээх диплом- Борис Плотников (8 кылаас, Мэлдьэхси);
  • II истиэпэннээх диплом –Анна Борисова, Нелли Афанасьева (9 кылаас, Бөтүҥ, Амма улууһа);
  • II истиэпэннээх диплом – Игорь Неустроев (10 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • II истиэпэннээх диплом – Дархан Харитонов (В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • III истиэпэннээх диплом – Настя Герасимова (В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • III истиэпэннээх диплом – Анисья Васильева (В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • III истиэпэннээх диплом – Аман Жирков (В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата).

«Агроинженерия, с/х техника. Агробиотехнология, агроробототехника» -

  • I истиэпэннээх диплом- Георгий Слепцов (10 кылаас, Бөтүҥ, Амма улууһа);
  • I истиэпэннээх диплом- Алгыс Иванов (5 кылаас, Мээндиги, Амма улууһа);
  • I истиэпэннээх диплом – Эрнест Алексеев (9 кылаас, Хаптаҕай);
  • I истиэпэннээх диплом – Николай Григорьев (8 кылаас, Рассолода);
  • II истиэпэннээх диплом – Айаал Константинов (7 кылаас, Рассолода);
  • II истиэпэннээх диплом –Айтал Иванов (7 кылаас, Рассолода);
  • II истиэпэннээх диплом –Ганя Васильев (9 кылаас, Тулуна, Уус Алдан улууһа).

«Мое село» -

  • I истиэпэннээх диплом – Карина Васильева (8 кылаас, Хаптаҕай);
  • I истиэпэннээх диплом –Нарыйа Колтовская (9 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • II истиэпэннээх диплом – Уйгулаана Егорова (6 кылаас, Мэлдьэхси);
  • II истиэпэннээх диплом – Настя Черкашина (5 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  • II истиэпэннээх диплом – Уйгун Романов (6 кылаас, Дьабыыл);
  • III истиэпэннээх диплом – Айыына Максимова (5 кылаас, Хаптаҕай);
  • III истиэпэннээх диплом – Ваня Андросов (5 кылаас, Мэлдьэхси);
  • III истиэпэннээх диплом – Айтал Винокуров (5 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата).

“Художественнная часть. О Родине, о мужестве, о славе” секцияҕа сэттэ бастыҥ нүөмэрдэри ааттаатылар:

  1. “Тэлээрис” үҥкүү бөлөҕө (Мэлдьэхси) - «Летом сорок первого» үҥкүү;
  2. «Тэтим» бөлөх (Бэйдиҥэ, Уус Алдан улууһа)– «Тропы»;
  3. Вика Степанова (10 кылаас, Петропавловск, Уус Маайа улууһа) – уус –уран ааҕыы;
  4. Тимофей Арсентьев, Вадим Гоголев, Арсен Кривошапкин (Найахы, Уус Алдан) – «Война вошла в мальчишество мое…»;
  5. Арсен Готовцев (6 кылаас, Танда, Уус Алдан);
  6. Аман Жирков (8 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата);
  7. “Кылыынкай” үҥкүү бөлөҕө (Мээндиги, Амма улууһа).
  • II истиэпэннээх диплом – «Детская книга войны – 700 страниц ужаса» композиция (Суотту, Уус Алдан);
  • II истиэпэннээх диплом – Туяра Саввина “Герой Попов туһунан” ырыа (Рассолода);
  • III истиэпэннээх диплом – Рада Березкина «Фронтовиктар тустарынан» хоһоон (Дьаабыыл);
  • III истиэпэннээх диплом – Александр Федоров «Норуот сүрэҕэр сылдьыахпыт» хоһоон (Абаҕа, Амма улууһа);
  • III истиэпэннээх диплом – Эсмиральда Иванова (Мээндиги, Амма улууһа).

Академик А.В.Чугунов уус уран ааҕыыга бэйэтин анал бирииһин академик В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитигэр Аман Жирковка туттарда.

Агро оскуолалар холбоһуктара сэттэ бастыҥ үлэлээх үөрэнээччилэргэ анал бириистэрин туттарда: Семен Попов, Айсен Герасимов (8 кылаас, Мэлдьэхси), Наташа Николаева (11 кылаас, Петропавловск, Уус Маайа улууһа), Лия Васильева (11 кылаас, Тулуна, Уус Алдан улууһа), Саина Маркова, Марина Григорьева (8 кылаас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата), Юрий Решетников (11 кылаас, Мэлдьэхси), Карина Соловьева (Рассолода), Георгий Слепцов (10 кылаас, Бөтүҥ, Амма улууһа), Карина Васильева (8 кылаас, Хаптаҕай).

П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын учууталлара «Компетенция агрономия и цифровая технология Qr-код» диэн семинар – практикум ыыттылар.

Мэлдьэхси орто оскуолатын онус кылааһын үөрэнээччитэ Кыыдаана Боярова ыалдьыттарга анаан айар быыстапкатын туруорда. Конференцияны түмүктүүр үөрүүлээх чааска Кыыдаана А.В.Чугунов мэтириэтин уруһуйдаан бэлэх уунна.

Конференция кыттыылаахтара эһиилги ааҕыыларга өссө үчүгэй бэлэмнээх кэлиэхпит диэн тарҕастылар.

Туйаара Игнатьева, Мэлдьэхси орто оскуолата

Просмотров: 860
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Март 2020  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 40
Гостей: 40
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009