Пандемиянан тохтотуллан икки сыл көтүтүллэн баран улуус оскуолаларын чэпчэки атлетикаҕа хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэрэ ыам ыйын 14-15 күннэригэр Майа стадионугар ыытылынна. 20 оскуолаттан 287 үөрэнээччи кытынна.
Павлова Динара (МСОШ-1) 200 м, Олесова Сахая (Хара) 400 м сүүрүүгэ чемпионнаабыттар, Кондакова Лиция (Хара) 100 уонна 200 м иккис буолбут, Устинова Эльвира 800 м бастаабыт, 1500 м 2 миэстэ буолбут, 1500 уонна 3000 м бастаабыт Романова Олеся (Төхтүр) кэскиллээх сүүрүктэр тахсан эрэллэрин көрдөрдүлэр.
Азия оҕолоро аан дойду норуоттарын икки ардыларынааҕы оонньууларыгар кыттарга хандьытаат, кыра саастаах уолаттарга уһуну ыстаныыга уонна үстэ төхтүрүйэн ыстаныыга өрөспүүбүлүкэ чемпиона Шарин Миша (лицей, тр.Ильин Б.Н.) 200 м (26.86 с.) чемпион, 100 м (12.87с.) иккис, уһуну ойууга (5.08 м), үстэ төхтүрүйэн ыстаныыга (10.95 м.) бастаабытын чорботуохха сөп. Өрөспүүбүлүкэ уонна Уһук Илин чемпиона Элла Сергучева (МСОШ-2. 800 м – 2.43.97, 1500 – 5.48.85) уонна эмиэ өрөспүүбүлүкэ чемпиона уонна Уһук Илин призера Эрсан Сыроватскай (МСОШ-1. 800 м – 2.15.34, 1500 м – 5.01.68) иккилии дистанцияҕа бастаатылар. Сотору күрэхтэһиигэ барар буоланнар кылгас дистанцияларга сүүрдүлэр уонна бириэмэҕэ үлэлээбэтилэр диэн тириэньэрдэрэ Д.П.Павлов этэр. Кинилэр бу күннэргэ Соҕуруу Сахалин куоракка ыытыллар Россия үөрэнээччилэрин спартакиадаларын Уһук Илиннээҕи түһүмэҕин күрэхтэһиитигэр бардылар.
100 м уонна 200 м финалга Олейников Рудик (Майа-1) уонна Брызгалов Афоня (Павловскай) хардарыта кыайыстылар. Халлаан тымныытынан уонна тыал мэһэйдээн буолуон сөп, урукку оҕолор көрдөрүүлэригэр чугаһаабатылар..
Хаһан да буоларын курдук эстафеталарга сытыы киирсиилэр буоллулар. Эстэпиэтэлэргэ Хара уонна лицей хамаандалара үчүгэйдик кыттыбыттарын бэлиэтиэххэ наада. Харалар 4х100 м эстафетаҕа кыра кыргыттарга, 4х400 м кыра, улахан кыргыттарга уонна 4х100 м улахан уолаттарга 3 миэстэ, 4х400 м улахан уолаттарга 2 миэстэ. Лиссиэйдэр 4х100 м кыра уолаттарга, 4х400 м кыра, улахан уолаттарга эрийсиилээх киирсиилэргэ инники фиништээтилэр, 4х400 м улахан кыргыттарга 3 миэстэ. МСОШ-1. быйылгы эстафеталарга 4х100 м улахан уолаттарга 1миэстэ, 4х100 м кыра кыргыттарга 2 миэстэ, уолаттарга 3 миэстэ, 4х400 м улахан уолаттарга 3 миэстэ таҕыстылар. МСОШ-2 быйылга 4х100 м эстэпиэтэҕэ улахан уолаттарга уонна кыргыттарга 2 миэстэлэринэн дуоһуйдулар. Улахан кыргыттарга 4х100 м Тюҥүлүлэр кыайдылар, кыра уолаттарга 2 миэстэни хааччыннылар.
Уопсай хамаанданан түмүккэ улахан оскуолаларга 1 миэстэҕэ Ларионов аатынан, иккискэ Майа лиссиэйэ, үһүскэ Охлопков аатынан оскуолалар таҕыстылар. Кыра оскуолаларга лиссиэй, Бүтэйдээх, Ларионов аатынан оскуолалар суруллубутунан миэстэлэри ыллылар. Хара спортивнай оскуолата иккиэннэригэр төрдүс миэстэҕэ таҕыста.
Хамаанданан бириистээх миэстэлэри ылбыт оскуолалары ырытан көрдөххө, көрүҥнэринэн чемпионнаабыт уонна бириистээх миэстэлэри ылбыт оҕолорун ахсаана маннык таҕыста: “Ларионовтар” чемпионнара 7, иккис миэстэлээхтэрэ 6, үһүстээхтэрэ 5; “Тимофеевтар” чемпионнара 7, 2 миэстэ - 4, 3 миэстэ - 8; “Охлопкоптар” 1 миэстэ - 7, 2 миэстэ-5, 3 миэстэ - 4. Бүтэйдээхтэр чемпионнара - 4, иккис призердара - 5, үһүс миэстэлээхтэрэ – 4. Төрдүс миэстэҕэ тахсыбыт харалар 6 чемпионнаахтар, иккис- 8, үһүс -4 призердардаахтар.
Аны кыра кылаас оҕолорун, 2009-2010 сыллаах түрүөх уонна 2011сылтан кыра саастаахтар, күрэхтэһиилэрэ бу ый 20-21 күннэригэр ыытыллыахтара.
Афанасий Илларионов, күрэхтэһии кылаабынай судьуйата.
|