2019 с. ыам ыйын 22-23 күннэригэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтата, улуус чэпчэки атлетикатын федерациятын тэрийиилэринэн, сыллата ыытыллар үгэскэ кубулуйбут чэпчэки атлетикаҕа оскуола оҕолоругар улуустааҕы ыспартакыйаада иккис түһүмэҕэ ыытылынна. Ыспартакыйаадаҕа бастакы күн улуус 23 оскуолатыттан 313, иккис күн 200- тэн тахса оҕо кэлэн кыттыыны ылла.
Күрэхтэһиигэ 2006, 2007, 2008 с. төрүөх уонна онтон кыра саастаах кыргыттар, уолаттар бастакы күн 60 миэтэрэ уһуну сүүрүүгэ, үстэ төхтүрүйэн ыстаныыга, 600 миэтэрэ уһуҥҥа илин-кэлин түһүстүлэр. Ол кэннэ оскуолаларынан хамаанданан эстэпиэтэлээтилэр. Иккис күн оҕолор уһуну ыстаныыга уонна үрдүгү ойууга күрэхтэстилэр. Сыллата ыытыллар күрэхтэһии хаачыстыбата тупсан иһэрин, эдэр спортсменнар көрдүрүүлэрэ эбиллэрин уонна үрдүүрүн тэрийээччилэр бэлиэтииллэр. Маннык күрэхтэр ыытыллан, кыайыылаахтар сүүмэрдэнэн аны күһүҥҥү ыытыллар өрөспүүбүлүкэ оҕолорго сүүрүүтүгэр кыттар быраабы ылаллар. Маны таһынан аны сайын Аммаҕа ыытыллыахтаах Саха норуоттарын успуорт оонньууларыгар улуустан чэпчэки атлетикаҕа кыттыахтаах 31 оҕо хандьыдаат быһыытынан бэлэми ааһаннар аны бэс ыйын 12-13 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыахтаах күрэхтэһиигэ кыттан сүүмэрдээһини ааһыахтара. Күрэхтэһии иккис күнүгэр сылын аайы ыытыллар Кубок Главы РС(Я) муниципальнай этаба бэрт интэриэһинэйдик буолла. Күрэхтэһии түмүгүнэн оскуолаларынан кыайыылаах хамаандалар улуустааҕы ыспартакыйаада көһөрүллэ сылдьар куубагынан итиэннэ биирдиилээн кыайыылаахтар грамоталарынан, мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.
ПРОТОКОЛЫ СПАРТАКИАДЫ
Николай Бугаев, үөрэҕирии салалтатын сүрүннүүр специалиһа
|