Убаастабыллаах коллегалар!
Профессиональнай бырааһынньыккытынан, Мэҥэ-Хаҥаласка дошкольнай үөрэхтээһин 95 сылынан,
Сахабыт Сирин государственнаһын күнүнэн эҕэрдэ!
Эһиги идэҕит – иитээччи, иитээччи көмөлөһөөччүтэ, музыкальнай руководитель, физкультурнай руководитель, методист, педагог–психолог уонна да бары оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ эһиги буолаҕыт бары биир дошкольнай учреждениялар үлэһиттэринэн, эһиэхэ ууруллар үрдүк эрэл уонна ирдэбил.
Дошкольнай үөрэхтээһин системата бириэмэни кытары тэҥҥэ түргэнник уларыйар, ол гынан баран төһө да саҥа иитэр-үөрэтэр методикалар, технологиялар киирбиттэрин үрдунэн эһигиттэн кэтэһэллэр уонна эрэйэллэр биһиги кырачааннарбыт, кинилэр төрөппүттэрэ сылаас эйэҕэс сыһыаны, олох муудараһыгар үөрэтиини-иитиини.
Махталбытын тиэрдэбит идэҕэ бэриниигит иһин, куннээҕи ыарахаттары аахсыбакка түбүктээх үлэҕит туйгун түмүктэри аҕаларын, сүрэххит сылааһын бэрсэҥҥит саха саҥа дьоно кэнчээри ыччатын үчүгэйгэ-кэрэҕэ иитэргитигэр.
Улуус үөрэҕин үлэһиттэрин Профсоюһа
И. Скрябин |