Бэс ыйын 15 күнүгэр Мэҥэ –Хаҥалас үөрэҕириитин тиһигэр салайааччылар 2022- 2023 үөрэх дьылын түмүктүүр мунньахтара ыытылынна. Мунньах бастакы чааһыгар үөрэҕирии салалтатын начаалынньыга Гаврил Толстяков сыллааҕы үлэ түмүгүн иһитиннэрдэ, инникигэ сыал-сорук туруорда. Сыллааҕы үлэ түмүгүнэн бастыҥ тэрилтэлэр ааттаннылар, наҕараадаланнылар. Ол курдук, 2022-2023 үөрэх дьылыгар оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрин бастыҥнара:
1 бөлөххө:
- 3 миэстэ Төҥүлүтээҕи “Олимпионик” оҕону сайыннарар киин.
- 2 миэстэ Аллараа-Бэстээхтээҕи Сказка оҕо уһуйаана.
- 1 миэстэ Майатааҕы “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин.
2 бөлөххө:
- 3 миэстэ Балыктаахтааҕы “Звездочка” оҕо уһуйаана.
- 2 миэстэ Хаптаҕайдааҕы “Хомусчаан” оҕону сайыннарар киин.
- 1 миэстэ Төхтүрдээҕи “Мичил” оҕону сайыннарар киин.
3 бөлөххө:
- 3 миэстэ Тыллыматааҕы “Күнчээн” оҕо уһуйаана.
- 2 миэстэ Павлоскайдааҕы “Лена” оҕо уһуйаана.
- 1 миэстэ Чүүйэтээҕи “Чэчир” оҕо уһуйаана.
2022-2023 үөрэх дьылыгар уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин бастыҥнара:
1 бөлөххө:
- 3 миэстэ Филипп Гаврильевич Охлопков аатынан Майа орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 1 миэстэ Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майа лицея.
2 бөлөххө:
- 3 миэстэ Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Михаил Прокопьевич Габышев аатынан Балыктах орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 1 миэстэ Кеша Алексеев аатынан Хаптаҕай орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
3 бөлөххө:
- 3 миэстэ Егор Дмитриевич Кычкин аатынан Матта орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Иван Иванович Платонов аатынан Наахара орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 1 миэстэ Николай Дмитриевич Неустроев аатынан Бэдьимэ уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата.
4 бөлөххө:
- 3 миэстэ Егор Петрович Шестаков – Эрчимэн аатынан Бырама сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Дмитрий Федорович Назаров аатынан Өлөчөйдөөҕү коррекционнай оскуола-интернат.
- 1 миэстэ Савва Николаевич Михайлов аатыны Чыамайкытааҕы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрин бөлөҕөр кыайыылааҕынан буолла “Оҕону техническэй хайысха5а сайыннарар киин”.
Сыллааҕы «Манчаары оҕолоро” үөрэнээччилэр улуустааҕы комплекснай спартакиада түмүгүнэн бөлөхтөргө бастыҥнар ааттарын ыллылар:
1 бөлөххө:
- 3 миэстэ Филипп Гаврильевич Охлопков аатынан Майа орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Иван Гаврильевич Тимофеев аатынан Майа лицея.
- 1 миэстэ Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
2 бөлөххө:
- 3 миэстэ Семен Захарович Борисов аатынан Тыллыма орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 1 миэстэ Тарас Гаврилович Десяткин аатынан Тумул орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
3 бөлөххө:
- 3 миэстэ Иван Иванович Платонов аатынан Наахара орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
- 2 миэстэ Николай Дмитриевич Неустроев аатынан Бэдьимэ уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата.
- 1 миэстэ Савва Николаевич Михайлов аатыны Чыамайкытааҕы орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата.
|