1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Президиумун Ыйааҕынан сахаттан Бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка Ийэ дойдутун туһугар хорсун быhыыны оҥорбутун, геройдуу быһыытын иһин “Кыһыл сулус” мэтээли уонна Ленин уордьанын туттаран туран, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Биһиги Сүөдэрбит 1942 сыл сайыныгар Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллан барбыта. 81-с дивизия 467-с полкатын састаабыгар сылдьан сэриигэ киирбитэ.
1943 сыл алтынньы 2 күнүн түүнүгэр Днепр өрүһү туоруурга бойобуой сорудаҕы тутан, өлөрүн кэрэйбэккэ бастакылартан биирдэстэринэн ууга ыстанан, бастакынан харбаан туораабыта. Өстөөх траншеятыгар көстүбэккэ ойон киирэн, өстөөх 73 саллаатын уонна офицерын кыдыйан, өрүс уҥа кытылыгар ротата туорууругар кыах биэрбитэ.
Баара-суоҕа 21 саастаах эдэркээн саха ньургун уола Сүөдэр Попов эйэлээх халлаан иһин килбиэннээх хорсун быһыыта үйэлэргэ умнуллубат, кини Албан аата үйэ-саас тухары тыыннаах!
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
|