Өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михиал Николаев көҕүлээбит «Бары уруһуйдуубут» диэн бырайыак көһө сылдьар бэлиэтин бэс ыйын 5 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ управлениета Үөһээ Бүлүү делегациятыгар, бырайыак координаторыгар Майя Саввинаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Бу күн «Бары уруһуйдуубут» флешмоб, маастар-кылаастар, төгүрүк остуол ыытылыннылар. Төхтүр, Табаҕа, Павловскай орто оскуолаларын көҕүлээһиннэринэн «Кэрэ-Мэҥэ» диэн ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа туһуламмыт туристическай пленер-куонкурус бырайыагын оҕолор уонна улахан дьон ортолоругар «Дылбаахы кэрэ көстүүтэ» Дьаҥхаады нэһилиэгиттэн саҕаламмыта. Бу кэрэни кэрэхсии үөрэнэргэ, тулалыыр эйгэни, айылҕаны ытыктыырга туһуламмыт бырайыак үс сыллаах. Бу күн оҕолор уруһуйдарын быыстапката тэрээһини ситэрэн-хоторон биэрдэ.
|