|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2022 » Апрель » 3 » Балыктаах оскуолатыгар салайааччылары кытта төгүрүк остуол
11:35
Балыктаах оскуолатыгар салайааччылары кытта төгүрүк остуол

Үөрэх саҥа чиэппэрэ саҕаланыытыгар, муус устар 2 күнүгэр, оскуолабытыгар Ил тумэн наукаҕа, үөрэххэ, культураҕа сис комитетын бэрэссэдээтэлэ Габышева Феодосия Васильевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетын начальнига Черкашина Ирина Васильевна саҥа оскуолаҕа үлэ-хамнас тэриллиитин билсиһэр соруктаах кэллилэр. Оскуоланы көрөн-истэн баран, учууталлары, салайааччылары кытта төгүрүк остуол тула олорон, дойду үрдүнэн тахсар уларыйыыларга тохтоон, кэпсэтии тэрилиннэ. Феодосия Васильевна тыа сиригэр оҕо үөрэнэригэр эргиччи үчүгэй усулуобуйалаах оскуолалар, уһуйааннар элбээн иһэллэрэ үөрдэрин бэлиэтээтэ. Инникитин кыра нэһилиэнньэлээх сирдэргэ саҥа технологиянан түргэн тэтиминэн тутуллар кыра объектары тутар табыгастаах буолуоҕун кэпсээтэ. Тыа сиригэр оҕону үлэнэн иитии куруутун да көдьүүстээҕин бэлиэтээн туран, агрохайысхалаах оскуолаларга практическай үлэни тэрийэр сонун техника, оборудование наадатын бэлиэтээтэ. Билиҥҥи кэмҥэ Уһук Хоту дойдуга да олордорбут араас боруобалыыр үлэлэри тэрийэн, үүнээйи арааһын олордон көҕөрдүү үлэтин ыытар табыллар дьыала буоларын этэн туран, ылсыһарбытыгар ыҥырда. Ону сэргэ бу кэлиҥҥи кэмҥэ тахсыбыт уларыйыыларга барыбытын долгутар төрөөбүт тылбыт тула тахсар кэпсэтиилэр, ону кытта оскуолабытыгар үөрэтэр саха тылын чааһа эбиллэрин тула барар туруорсууларга тохтоото. Төһө да республика өттүттэн сөптөөх санаалар этиллэ туралларын үрдүнэн бэйэбит таларбытынан чааһы уларытар кыахпыт суоҕун, кэпсэтиһэр үлэлэр ыытылла туралларын эттэ.

Түмүккэ, оҕо дьоҕурун таба тутан, ону сайыннаран, кэнэҕэһин үтүө үлэһит, сайдыылаах, киэҥ өйдөөх-санаалаах ыччаты иитэн таһаарарбытыгар баҕа санаатын биллэрдэ. Салайааччыбыт Ирина Васильевна Феодосия Васильевна бу тыа сирин оскуолалара сайдыыларыгар, салайааччылар туруорсар бары боппуруостарыгар куруук болҕомтотун күүскэ уурарын, ситимнээхтик үлэлэһэрин, көмөлөһөрүн бэлиэтээн улахан махталлаахпытын биллэрдэ. Инникитин тахсаары турар уларыйыылары сэргэ оҕо, үлэһит ахсааныттан тутулуктанан хамнас араастаһарын тула санаатын үллэһиннэ. Төгүрүк остуолтан сонуннары истэн, ыйытыылары биэрэн, икки өттүттэн санаа атастаһан тарҕастыбыт.

Мохначевская Айталина Михайловна, 
М.П. Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатын дириэктэрэ

Просмотров: 426
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Апрель 2022  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 27
Гостей: 27
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009