Ытыктабыллаах Калисфена Андреевна, Бүтэйдээх нэһилиэгин олохтоохторо, педагогическай үлэ ветераннара, оскуола, оҕо саадын коллектива, үөрэнээччилэр!
Эһигини, уһулуччулаах учуутал, салайааччы, тэрийээччи, улууска, республикаҕа киэҥник биллэр чулуу педагогтартан биирдэстэрэ, биир дойдулаахпыт, Саха АССР үтүөлээх учуутала Андрей Николаевич Анисимов төрөөбүтэ 100 сыла туолбутунан эҕэрдэлиибит!
Андрей Николаевич Анисимов Моорук нэһилиэгэр 100 сыл аннараа өртүгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы педагогическай институт нуучча тылын отделениетын бүтэрэн оскуолаларга учууталынан, директорынан, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун үөрэҕин салаатын инспекторынан, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1968-75 сс. ЯРИУУ директорынан, ол кэнниттэн үөрэх Министерствотын инспекторынан уһуннук үлэлээн үөрэхтээһин сайдыытыгар элбэх сыратын биэрбитэ. Учуутал аймах республика хайа баҕарар уһугар кинини билэрэ, дириҥник ытыктыыра. Кини уйаҕас, чараас дууһалаах, кыраттан да үөрэр, хомойор, кими баҕарар кытта уопсай тыл булан кэпсэтэр үтүө сүбэһит, үрдүк культуралаах, үлэҕэ-хамнаска ирдэбиллээх киһи этэ. Сааһылаан, аттаран нууччалыы, сахалыы бэрт имигэстик саҥарар пропагандист, араатар быһыытынан үгүстэртэн уратылаах буолара. Норуот сүгүрүйэр учуутала, олоххо эппиэтинэһэ, үрдүккэ тардыһар ыра санаата өрүүтүн ыччакка холобур буолуоҕа!
Улуустааҕы үөрэҕирии ситимигэр Андрей Николаевич киллэрбит кылаата, саҕалаабыт улэтэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитин, улууспутун сайыннарбыта. Бу бэлиэ куҥҥэ аналлаах улуус иһинээҕи методическай кабинеттары кэрүү күрэҕэ ыытыллыаҕа. Кэлэр кэнчээри ыччаппыт кини курдук улэһит буола улаатарын баҕарыаҕын. Оҕолорбут, ыччаттарбыт үлэни өрө тутан, идэлэрин таба талан олоххо миэстэлэрин булалларыгар күүс-көмө буолуоҕун. Ол тула өйбүтүн-санаабытын түмүөҕүн, бииргэ үлэлиэҕин!
Үөрэх управлениетын начальнига, И.В.Черкашина.
|