Ахсынньы 22 кунугэр В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатыгар улууспут алын кылаас учууталларыгар «Функциональная грамотность: от идей к практике» семинар буолан ааста.
Семинары тэрийэн ыыттылар алын кылаас учууталларын методическай холбоһуга (дириэктэр дуоһунаһын толорооччу Толстяков Г.Н., улуустааҕы алын кылаас учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта Ильина Е.Н.). Тэрээһиҥҥэ улууспут 5 сыл иһинэн педагогическай стажтаах 25 эдэр учуутал кыттыыны ылла.
Күн бастакы аҥаарыгар В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара эдэр коллегаларыгар уопуттарын үллэстэн уруок ыыттылар: Афанасьева Н.Н. 2 кылааска ахсаан, Борисова А.А. 2 кылааска саха тыла, Ильина Е.Н. 2 кылааска нуучча тыла, Жегусова Л.С. 3 кылааска сахалыы ааҕыы, Расторгуева М.Э. 1 кылааска тулалыыр эйгэ, Дмитриева Т.В. 3 кылааска нууччалыы ааҕыы, Скрябина А.Г. 4 кылааска тулалыыр эйгэ, Ефремова Н.Н. 3 кылааска нуучча тыла уонна Ефремова Р.Я 4 кылааска ахсаан.
Күн иккис аҥаарыгар ыытыллыбыт уруоктары ырытыы, “Добываем, применяем, оцениваем” маастар кылаас буолла. Улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын информационно-методическай отделын салайааччыта Сидорова Т.В. функциональнай грамотнаһы уруок кэмигэр сайыннарыы туһунан дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриитэ семинар кыттыылаахтарын интириэһиргэттэ.
|