РАЗДЕЛЫ |
|
|
|
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ |
|
|
|
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ |
|
|
|
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ |
|
|
|
ПОИСК |
|
|
|
|
Главная » 2012 » Май » 4 » Алын кылаас методическай холбоһугун нэдиэлэтэ
17:46 Алын кылаас методическай холбоһугун нэдиэлэтэ |
«Эдэртэн эйэтин, кырдьађастан сүбэтин» бу өс-хоһоонунан салайтаран, муус устар 23-28 күннэригэр Ороссолуода орто оскуолатыгар алын кылаас учууталларын методическай холбоһуктарын күннэрэ буолла. Бу нэдиэлэни алын кылаас учууталлара эдэр үлэһиттэргэ анаатылар, хас да сыл иңэриммит билиилэрин, сатабылларын кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр опыттарын атастастылар.
Манна хас биирдии учуутал аһађас уруоктары ыытта, онтон төрөппүттэр аһађас кылаас таһынан дьарыктары тэрийдилэр:
- 2 кылаас. В.И.Соловьева сир күнүгэр тубэһиннэрэн, олус интэриэһинэй дьиикэй кыыллар тустарынан викторина ыытта.
- 3 кылаас. А.Е.Апросимова киин библиотека үлэһитэ, бэйэтин идэтин туһунан бэсиэдэ ыытта.
- 4 кылаас. С.Н.Сивцева «Туһата суохтан туһалаађы» диэн хайдах туттуллубат малтан туһалаах малы оноруохха сөбун олус үчүгэйдик көрдөрдө.
Оскуолађа үлэ кэнниттэн ођо саадыгар дьарыкка сылдьыы, төгурук остуолга мустан олорон санаа атастаһыыта тэрилиннэ. Сана стандарт ФГОС туһунан алын кылаас учуутала Н.Н.Никифорова эдэр учууталларга анаан бэсиэдэ ыытта. Нэдиэлэ бутэһик куннэригэр, алын кылаас үөрэнээччилэрэ «Биһиги күөллэрбит» проект көмүскээһинигэр кытыннылар. Алын кылаас методическай холбоһук нэдиэлэтэ ырытыһыынан түмүктэннэ, ыытыллыбыт уруоктары, кылаас таһынан дьарыктары бары түмсэн олорон кэпсэтиһии буолла.
Анастасия Сидорова |
Просмотров: 2205
|
|
|
Служебный вход |
|
|
|
АНОНСЫ |
|
|
|
КАЛЕНДАРЬ |
|
|
|
СТАТИСТИКА |
|
Онлайн всего: 2 Гостей: 2 Пользователей: 0 |
|
|