Ыам ыйын 14 күнүгэр биллиилээх биир дойдулаахпыт СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука кандидата Попова Надежда Михайловна төрөөбүтэ 60 сыла туолла. Улууспутугар үөрэх управлениятын начальнигынан, үөрэх министерствотыгар отдел начальнигынан, Саха Республикатын Попечительскай сэбиэтин салайбыта, үс Президеҥҥа сүбэһитинэн үлэлээбит киһибит кылгас, чаҕылхай олоҕо умнуллубат.
Төрөөбүт үөскээбит Бүтэйдээҕэр бииргэ үлэлээбит коллегалара бэтэрээн учууталлар, оҕо сааһын доҕотторо, кылааһынньыктара, ыкса ыаллара, аймахтара мустан умнуллубат, убаастыыр киһибитин ахтан - санаан аастыбыт. Улуус дьаһалтатын баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччы Мирон Анатольевич Свинобоев, үөрэх управлениятыттан Александра Родомировна Луковцева кыттыыны ыллылар.
Ахтылҕан күнү олохтоох оскуола, музейдар, сынньалаҥ киинэ тэрийэн ыыттылар. Надежда Михайловна бэлиэ күнэ төрөөбүт тэлгэһэтигэр, олорбут дьиэтигэр ыытылынна. Кэлбит дьоннор быыстапканы билистилэр, музей көрдүлэр, Эркээйигэ тахсыбыт анал балаһаны туттулар. Н.М. Попова олоҕун биографиятын истэн баран элбэх киһи амарах ахтыыларын анаатылар. Үөрэх управленията 2 оскуола попечителигэр Игнатьев Александр Васильевичка, Степанова Антонина Афанасьевнаҕа бочуотунай грамоталары туттардылар. Москваттан анаан кэлбит кэргэнэ Михаил Николаевич Попов музейга Надежда оҕо эрдэҕиттэн оонньообут хомуһун бэлэхтээтэ. Бииргэ төрөөбүт балта улуус мировой судьуйата Валентина Михайловна Капитонова аймах, дьиэ-кэргэн аатыттан махталын тириэртэ. Көрсүһүүнү учууталга аналлаах эҕэрдэ нүөмэрдэрин оскуола үөрэнээччилэрэ, Ньургуйаана Семеновна Прокопьева бэлэхтээтилэр. Ахтааччылар бары Надежда Михайловна Бүтэйдээх бастыҥ выпуснига, новатор учуутала, дойдутун патриота буоларын сырдаттылар. Умнуллубат оскуола 100 сыллаах үбүлүөйүн тэрийэн ыыппыта, национальнай концепцияны хорсуннук киллэрбитэ, тэрийбит, салайбыт культурнай - эстетическай киинэ эбии үөрэхтээһин чыпчаала буолара, республиканскай педкылааһы аһан детсад иитээччилэрин бэлэмнээбитэ ахтылыннылар. Улууска үөрэҕирии программатын түстээбитэ, национальнай оскуолалары, гуманитарнай, спортивнай лицейдары, Чүүйэҕэ саха - японскай оскуоланы арыйталаабыта убаастана этилиннилэр. Үүнэн - үрдээн республикаҕа үөрэх сайдыытыгар, политика киинигэр сылдьыбыта, дойдутугар дьоһун көмөтө киэҥ тутта кэпсээтилэр. Бары биир киһи курдук Надежда Михайловна киһи быһыытынан кэрэмэһин, дьоҥҥо сыһыана маанытын чорботтулар. Үөрэх эйгэтигэр, улууска, нэһилиэкпитигэр умнуллуо суохтааҕын, үйэтитиллиэхтээҕин туруорустулар. Утума Канадаҕа олорор, үлэлиир кыыһынан Тамаранан, куорат талааннаах враһа Михаилынан салҕанар. Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарга олохтоох дьаһалта дойдуларын санатар сувенирдары туттарда.
Ахтыы күнүн иккис чааһынан Надежда Михайловна дьиэтигэр мемориальнай дуосканы арыйдыбыт. Улуус дьаһалтатыттан М.Н. Свинобоев, оскуола директора М.П. Нестеров, ветеран учуутал, депутат Е.В. Игнатьева тыл эттилэр. Дуосканы балта, кэргэнэ, эдьиийэ Вера Степановна Борисова үөрүүлээхтик арыйдылар. Бары сибэкки ууран баран анаан хаартыскаҕа түстүбүт. Түмүккэ дьиэтигэр киирэн астаах остуолга олорон Надябытын аҕынныбыт. Бу күн биһиэхэ кини умнуллубатын, суохтуурбутун, махталлаахпытын дьэҥкэтик көрдөрдө.
Бүтэйдээх нэһилиэгин пресскиинэ.
|