Былыр былыргыттан саха уус-уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ таҥаһы оһуордаан-мандардаан, ойуулаан-бичиктээн киһи хараҕа үөрэ көрөр гына тигэллэрэ. Бу таҥастар сиэдэрэйдик киэргэтиллэн, кэрэтик оһуорданан тахсыылара - бу биһиги норуот быһыытынан уратыбытын көрдөрөр.
«Педагог уонна уһуйааччы», «Үлэ уонна тыа хаһаайстыбатын» сылларыгар аналлаах "Кэрэли" улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһинин киинин үлэһиттэрэ Матрена Николаевна Тарская, Евдокия Родионовна Стручкова уонна Алтан орто оскуолатын "Палитра" куруһуок уһуйуллааччыта Нарианна Бандерова (сал. Негнюрова Александра Анатольевна) "Айар үлэ түмүллүүтэ" диэн уус-уран быыстапкалара Роман Гаврильевич Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ киэҥ көрүүгэ таҕыста.
Бу күн аһыллыытыгар ыалдьыттарынан буоллулар: Россия худуоһунньуктарын уонна суруналыыстарын чилиэнэ, норуот маастара Зверева Анна Николаевна, "Хара нэһилиэгэ" тыа сирин түөлбэтин баһылыга Назарова Дария Ивановна, Алтан орто оскуолатын директора Винокурова Аграфена Васильевна, Харатааҕы "Айыллаан" култуура киинин үлэһиттэрэ, Майатааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолата, улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл үлэһиттэрэ, "Кэрэли" улуустааҕы эбии үөрэхтээһин киинин үлэһиттэрэ уонна төрөппүттэрэ. Евдокия Родионовна "Кэрэли" киин "Маастар педагога" дьоһун бэлиэнэн, Матрена Николаевна үөрэҕирии эйгэтин биир идэлээхтэрин сойуустарын хайҕал суругунан, Нарианна "Кэрэли" киин хайҕал суругунан бэлиэтэннилэр.
Быыстапка муус устар 4-17 күннэригэр диэри туруоҕа, "Айар үлэ түмүллүүтэ" диэн быыстапканы кэлин көрүҥ, сэргээн!
Өбүгэлэрбититтэн кэлбит үтүө дьарыкпытын сайыннара, иис албастарын баһылыы, кистэлэҥнэрин арыйа туруоҕуҥ!
"Кэрэли" улуустааҕы оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ
|