Күндү кэллиэгэлэрбитин, киһи-аймах кэрэ аҥаардарын кэлэн иһэр маҥнайгы сааскы бырааһынньыгынан –
Аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Эһиги, далбар хотуттар, иэримэ дьиэ иэйэхситтэрэ, алаһа дьиэ аанньаллара үлэлиир сирдэргитигэр-оскуолаларга, уһуйааннарга эмиэ тутаах дьон буолаҕыт, кэлэр кэнчээри ыччаппытын иитэр-үөрэтэр соруккутун чиэстээхтик толороҕут. Олох суолугар кынаттаан таһаарбыт оҕолоргут, кинилэр төрөппүттэрин, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргит эһиэхэ махталлара муҥура суох.
Түбүктээх үлэҕит түмүктээх буоллун, сыралаах сырыыгыт сыаналаах буоллун, ылсыбыккыт ыпсан истин, туруорбут соруккут туолан истин! Чөл, чэгиэн сылдьын, дьиэ-кэргэҥҥит бөҕө туруктаах буоллун. Инникигитигэр эркин курдук эрэниҥ, кэлэр кэскилгит кэрэ буоллун, уйгулаах олоххут уһун буоллун! Дьолу-соргуну, муҥура суох тапталы, сылаас-сайаҕас сыһыаны тулалыыр эйгэҕитигэр сыдьаайа сылдьыҥ!
Г.Н. Толстяков,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начальнига |