Ахсынньы 15 күнэ ураты, дьоһун, дьоро күн тосхойдо. Биир дойдулаахпыт аҕыс омук тылын билэр полиглот, СГУ омук тылын факультетын төрүттээбит Аполлоний Иннокентьевич Семёнов төрөөбүтэ 120 сылыгар анаммыт "Языковое образование и межкультурная коммуникация" форум улуус омук тылын учууталларыгар уонна омук тылын интэриэһиргиир үрдүкү кылаас оҕолоругар ананан Ф.Г. Охлопков аатынан Майа орто оскуолатын базатыгар (дир. А.В. Захаров) улуус таһымыгар ыытылынна. Уопсайа улууспут оскуолаларыттан 86 учуутал уонна үөрэнээччи кыттыыны ыллылар.
Институттан 21 киһиттэн састааптаах делегация (дириэктэр В.В. Кугунуров, преподавателлэр, омук сириттэн сылдьар устудьуоннар) кэлэн тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар. Үгэс буолбут А.И. Семенов ааҕыыларын үбүлүөйдээх сылын уратытык бэлиэтииргэ оскуола дириэктэрэ С.С. Посельскай тыл көтөҕүүтүнэн, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун үөрэҕириигэ салалтата (Сал. Г.Н. Толстяков), омук тылын учууталларын методическай түмсүүтүн өйөбүлүнэн уонна тэрээһининэн (Сал. С.М. Дмитриева), Алтан орто оскуола коллективын уонна үөрэнээччилэрин кыттыытынан бэрт сэргэх, сонун тэрээһин ыытылынна. Аполлоний Иннокентьевич төрөөбүт нэһилиэгиттэн олохтоох дьаһалта баһылыга Н.Е. Матчитов, чугас аймахтарыттан А.Н., Р.Н. Семёновтар кыттыыны ыллылар. Оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, "Алтан кэскилэ" уонна улуустааҕы "Мэҥэ кэскилэ" оҕо общественнай хамсааһынын лидерэ Матчитов Егор тэрээһин үөрүүлээх чааһын ыытыста.
Форум пленарнай чааһыгар билиҥҥи кэмҥэ тылы үөрэтии кыһалҕаларын тула киэҥ кэпсэтии таҕыста. Эбиэттэн киэһэ оҕолорго анаан култууралар ситимнэригэр маастар-кылаастар, ЕГЭ-ни туттарыыга консультациялар, идэни талыыга үөрэнээччилэри кытта көрсүүлэр, кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Кэлбит ыалдьыттар Майатааҕы лицейгэ, академик В.П. Ларионов аатынан орто оскуолаҕа сырыттылар.
Омук тыл институтун директора В.В. Кугунуров омук тылын факультетын төрүттээбит Аполлоний Иннокентьевич Семёнов төрөөбүтэ 120 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһинэ үрдүк таһымҥа ааспытын бэлиэтээтэ. Тэрээһиҥҥэ кыттыспыт бары дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махтал тылларын этэбит.
Бу курдук түмсүүлээхтик салгыы үлэлиэҕиҥ, айыаҕыҥ-тутуоҕуҥ!
|