|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Ноябрь » 15 » “Аҕам, ийэм, мин – спорду өрө тутар дьиэ кэргэн” күрэх буолан ааста
17:49
“Аҕам, ийэм, мин – спорду өрө тутар дьиэ кэргэн” күрэх буолан ааста

Сэтинньи ый 15 күнүгэр Хара нэһилиэгин И.Г. Игнатьев аатынан Харатааҕы спортивнай орто оскуола саалатыгар улуустааҕы үөрэҕирии отдела уонна Харатааҕы “Кэрэчээн” уһуйаан тэрийиилэринэн Мэҥэ Хаҥалас уһуйааннарын КМХ кыайыылаахтарын икки ардыларыгар “Аҕам, ийэм, мин – спорду өрө тутар дьиэ кэргэн” күрэх сүрдээх долгутуулаахтык буолан ааста.

Биллэрин курдук 2024 сыл Дойдуга “Дьиэ кэргэн”, республикаҕа “Оҕо саас” сылынан биллэриллибитэ. Онтон тирэхтэнэн күрэх сүрүн сыала – дьиэ кэргэн чөл туруктаах буоларыгар уһуйуу, спорду көҕүлээһин.

Күрээххэ уопсайа 7 хамаанда кэлэн күөн көрүстүлэр. Ол курдук: Хорообут КМХ Мэлдьэхси оскуола саадыттан Степановтар, Приленскай КМХ Рассолода оскуола саадыттан Барабановтар, Төҥүлү КМХ “Олимпионик” оҕону сайыннарар киинтэн Цыпандиннар, Харатааҕы КМХ Ломтука “Күнчээн” уһуйааныттан Никифоровтар, Харатааҕы “Кэрэчээн” уһуйааныттан Васильевтар, Майа КМХ “Чуораанчык” уһуйааныттан Абрамовтар, Бестээх КМХ Томтор “Мичээрэ” уһуйааныттан Баишевтар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар.

Күрэх 8 көрүҥүнэн ыытылынна:

1. Бэйэни билиһиннэрии

2. Уһуну ыстаныы

3. Аҕалар сиртэн тирэнэн анньыныылара

4. Оҕо уонна ийэ пресс хачайдааһына

5. Сыалы таба быраҕыы

6. Скакалканан ыстаныы

7. Боппуруостарга эппиэттээһин

8. Обручтаах эстафета

Күрэҕи дьүүллээтилэр: Мэҥэ – Хаҥалас улууһун үөрэҕирии салалтатын начальнигын солбуйааччыта Михаил Васильевич Петров, Харатааҕы И.Г. Игнатьев аатынан орто оскуола директора Алексей Алексеевич Оконешников, директоры иитии үлэтигэр солбуйааччы Дмитрий Николаевич Брызгалов.

Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн бастакы миэстэни ыллылар Харатааҕы “Кэрэчээн” уһуйаан Васильевтар, иккис миэстэ Томтор “Мичээр” уһуйааныттан Баишевтар, үһүс миэстэ Рассолода оскуола садыттан Барабановтар дьиэ кэргэн.

Кыттыбыт дьиэ кэргэн бары сертификатынан уонна өйдөбүнньүк бэлэҕинэн наҕараадаланнылар. Ону таһынан Мэҥэ Кэскилэ патриотическай иитиигэ тирэх киин  салайааччыта, “Навигаторы детства” федеральнай проект муниципальнай куратора Монастырева Марианна Дмитриевна уонна бастыкылар хамсааһыннарын специалиһа Александра Петровна Софронова күрэх кыттааччыларыгар бэлэх туттарда.

Кыайбыт команда ахсынньы ый 15 күнүгэр республиканскай күрэххэ улууспут чиэһин көмүскүү киириэхтэрэ. Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиини, кыайыыны – хотууну баҕарабыт!

Просмотров: 130
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009