Муус устар 19 күнүгэр Майаҕа “150 лет на ниве просвещения” диэн ааттаах научнай-практическай конференция буолан ааста.
Конференция сыала-соруга – үөрэхтээһин историятын урукку өттүгэр үөрэтиллэ илик чахчыларын көрдөөһүн, чинчийии үлэтин тэрийии.
Барыта 23 улахан киһи, 4 үөрэнээччи дакылаата иһилиннэ. Эһиил, 2024 сылга улууспутугар үөрэхтээһин төрүттэммитэ 150 сылыгар аналлаах кинигэ тахсарыгар уонна оскуолалар музейдарын хаҥатарга туһалаах дакылааттар дипломунан бэлиэтэннилэр. Бары кыттааччыларга сертификаттар туттарылыннылар.
Бастыҥ дакылааттарынан ааттаннылар:
- “Балыктаах орто оскуолата – оройуоҥҥа кабинетынан үөрэтиини саҕалааччы” (Габышева С.А., Балыктаах);
- “Билии суолун түстээбиттэр” (Филиппова А.П., Чыамайыкы);
- “Мөҥүрүөн үөрэҕириитин туһунан архыып докумуоннарыттан” (Андросова Е.Л., Матта);
- “Төрөппүтү кытары үлэ” (Егорова Е.П., Тыыллыма);
- “История государственных олимпиад по черчению на основе архивных корреспонденций профессора Николаева Н.С.” (Флегонтова А.А., Павловскай);
- “Хроника прошений об открытии школы в селе Павловское” (Петрова С.Е., Павловскай); “Новые страницы истории Харанской школы” (Дмитриева О.Е., Хара).
Дакылаатчыттар, бары даҕаны чинчийбит үлэлэрин хардарыта интэриэстээхтик ырытыһан, салгыы үлэлииргэ туһалаах сүбэлэри ылан тарҕастылар.
|