|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2023 » Сентябрь » 28 » Улуустааҕы “Идэ ситимэ” күрэх
18:32
Улуустааҕы “Идэ ситимэ” күрэх

Уһуйааччы уонна педагог сылыгар анаммыт улуустааҕы “Идэ ситимэ” күрэх балаҕан ыйын 28 күнүгэр Майатааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар кииҥҥэ ыытылынна.

Дьүүллүүр сүбэҕэ наставник, “Сардаана” оҕону сайыннарар киин ветеран педагога Слепцова Инна Ивановна, уһуйаан директора Захарова Альбина Романовна, Аллараа Бэстээх “Сказка” уһуйаан эдэр педагога Винокурова Наталья Вячеславовна, улуус үөрэҕин салалататын информационно-методическай отдел гл. специалиһа Ларионова Мария Николаевна үлэлээтилэр.

Барыта 6 түһүмэххэ, кустовой методическай холбоһуктартан 7 хамаанда кыттыыны ылла. Күрэххэ уһуйааччы уонна эдэр педагог аныгы кэм иитээччитин сүрүн сатабылларын, үөрэх уобаластарынан методиканы билии, кылгас бэриллибит кэмҥэ бырайыак суруйуу уонна да атын тургутуулары аастылар. Түмүккэ араас кэм үөрэхтээһиҥҥэ туруорар ирдэбиллэрин тула аһаҕас кэпсэтии буолла.

“Идэ ситимэ” күрэххэ кэлбит хамандалар бары араас анал аат хаһаайыннарынан буоллулар, ол курдук:

  • С.Н. Михайлов аат. Чыамайыкы орто оскуолата – “Наставническай үлэ бастыҥнара”
  • А.С. Захарова аат. Хаптаҕайдааҕы “Хомусчаан” оҕону сайыннарар киин – “Айымньылаах дьүөрэлэһии”
  • А.В. Чугунов аат. Мэлдьэхси орто оскуолата – “Саҥаны саҕааччылар”
  • Маттатааҕы “Ньургуһун” оҕо уһуйаана – “Уларыйыы үтүө сирдьиттэрэ”, ”Көрөөччү биһирэбилэ” (онлайн куоластааһын түмүгүнэн)
  • Табаҕатааҕы “Кэскил” оҕо уһуйаана - “Идэҕэ бэриниилээх”
  • Харатааҕы “Кэрэчээн” оҕо уһуйаана – “Үгэс уонна аныгылыы көрүү”

Муҥутуур кыайыылааҕынан Майатааҕы “Чуораанчык” уһуйаан хамаандата таҕыста. Айымньылаах үлэ биир үтүө түмүгэ көстөр күрэҕин тэрийбит Майатааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар киин салайааччытыгар Захарова А.Р., старшай иитээччигэ Романова Т.И., педагог-психологка Шестакова Т.А., уонна уһуйаан бары үлэһиттэригэр махтанабыт.

Ларионова М.Н., ИМО гл. специалиһа

#ГПН_2023 #ГодПедагогаНаставника

 

Просмотров: 332
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Сентябрь 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 22
Гостей: 22
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009