Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха республикатыгар Оҕо саас, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕирии систематын 150 сылыгар аналлаах, улуустааҕы иккис төгүлүн ыытыллар "Идэ ситимэ" көрүү күрэс алтынньы 3 күнүгэр Майаҕа "Сардаана" оҕону сайыннарар киин-оҕо саадын базатыгар ыытыллынна. Быйылгы күрэс сүрүн уратыта - биир идэлээх аймахтыылар кыттыылара буолла.
Дьүүллүүр сүбэҕэ:
- Мэҥэ-Хаҥаластааҕы үөрэх управлениятын информационнай методическай салаа сүрүннүүр специалиһа Ларионова Мария Николаевна.
- "Идэ ситимэ- 2023" күрэс муҥутуур кыайыылааҕа, Майатааҕы "Чуораанчык" оҕо саадын иитээччитэ Тимофеева Евдокия Алексеевна.
- "Сардаана" оҕону сайыннарар киин - оҕо саадын психолога Шестакова Туйаара Андреевна үлэлээтилэр.
Уопсайа улуус кустовой методическай холбоһуктарыттан 5 хамаанда кыттыыны ылла:
- Майатааҕы "Кэнчээри" оҕону сайыннарар киин-оҕо саадын "Ситим" хамаандата: Дьяконова Февронья Михайловна, Лонгинова Сардаана Станиславовна.
- Бүтэйдээх "Чэчир" оҕону сайыннарар киин-оҕо саадын "Саһарҕалар" хамаандата: Аргунова Анисия Ивановна, Аргунова Клавдия Фёдоровна.
- Аллараа Бэстээхтээҕи кустовой методическай холбоһуктан "Күн сардаҥалара" хамаанда: Афанасьева Мария Николаевна, Ларионова Эльвира Еремеевна.
- Харатааҕы"Кэрэчээн" оҕо саадын "Утум" хамаандата: Сидорова Февронья Ивановна, Петрова Ольга Васильевна.
- Павловскайдааҕы"Мичээр" оҕону сайыннарар киин-оҕо саадын "Сайдыы" хамаандата: Габышева Марина Александровна, Петрова Варвара Александровна.
Күөн күрэс биэс түһүмэҕинэн барда, ол курдук, "Идэ ситимэ" бэйэни билсиһиннэрии, "Айар үлэм арылы кустуга" быыстапка, "Мин тылым-мин баайым" баттл, "Билии өрүттэрэ" ыйытыылар, "Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии үгэстэрэ уонна кистэлэҥнэрэ" профессинальнай кэпсэтии.
Түмүккэ кыттыбыт хамаандалар бары араас анал аат хаһаайыннарынан буоллулар:
- "Айымньылаах дьүөрэлэһии" Аллараа-Бэстээхтээҕи кустовой методическай холбоһуктан "Күн сардаҥалара" хамаанда;
- "Дэгиттэр сатабыл" Харатааҕы "Кэрэчээн" оҕо саадын "Утум" хамаандата.
- ”Идэҕэ бэриниилээх" Бүтэйдээх "Чэчир" оҕону сайыннарар киин- оҕо саадын "Саһарҕалар" хамаандата.
- "Саҥаны саҕааччылар" Павловскайдааҕы "Мичээр" оҕону сайыннарар киин - оҕо саадын "Сайдыы" хамаандата.
Куоластааһын түмүгүнэн "Көрөөччү биһирэбилэ" анал ааты Бүтэйдээх оҕо саадын "Саһарҕалар" хамаандата ылла.
Улуустааҕы "Идэ ситимэ -2024" көрүү күрэс муҥутуур кыайыылаахтарынан Майатааҕы "Кэнчээри" оҕону сайыннарар киин - оҕо саадын "Ситим" хамаандата буолла.
Күрэскэ кыттыыны ылбыт хамаандаларга махтанан тураммыт айымньылаах үлэни, дьиэ кэргэңңитигэр дьоллоох олоҕу баҕарабыт!
|