|Регистрация|Вход| Приветствую Вас Гость |RSS
РАЗДЕЛЫ
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ
ГОРЯЧАЯ ЛИНИЯ
ТЕСТЫ
ФОРУМЫ
АРХИВ САЙТА
ПОИСК
Главная » 2024 » Октябрь » 4 » Учуутал күнүнэн эҕэрдэ!
15:54
Учуутал күнүнэн эҕэрдэ!

Убаастабыллаах биир идэлээхтэрим – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕиритин тиһигин

бары үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!

Идэлээх бырааһынньыкпытынан – Аан дойдутааҕы Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги күннэтэ түбүгүрэр сыралаах үлэҕит хас биирдии оҕо, ыччат үүнэн сайдан тахсарыгар, бу орто туруу дойдуга бэйэтин суолун-ииһин булунарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Күн бүгүн кэнчээри ыччаппыт үүнэн-сайдан тахсарыгар учууталлар үлэлээн-хамсаан сыраларын уура сылдьаллар. Улууспутугар кэлэр ситиһиилэр, кыайыылар-хотуулар – бу хас биирдиигит дьаныардаах үлэтин түмүгэ. Эһиги үрдүк ааккытын чиэскэ-бочуокка тутан киэҥ тутта ааттыыбыт.

Күннэтэ киирэр араас уларыйыыларга, олох-дьаһах тэтимирэн турар кэмигэр хас биирдиибититтэн тутулуктаах инники олохпут сайдыыта. Хас биирдии учуутал олох ирдэбилигэр сөп түбэһэн, сайдыы иннигэр сылдьан, инникини өтө көрөн айымньылаах үлэтин тэрийэрэ тоҕоостоох. Үөрэҕирии тиһигэр уларыйыылар киирэллэр. Бу уларыйыыларга хас биирдиибититтэн бэлэм буолуу эрэйиллэр.

Күндү учууталлар!

Эһиги дьулуурдаах үлэҕитинэн Мэҥэ-Хаҥаласпыт үөрэҕириитин тиһигэ үс үйэни уҥуордаан сайдан кэллэ. Үөрэх тэрилтэлэригэр хас биирдии үгэс, хас биирдии саҥаны киллэрии инники күөнүгэр Учуутал турар. Эһиги күннэтэ толорор, сороҕор көстүбэт, сороҕор ситэ сыаналаммат дьаныардаах үлэҕит олохпут сүрүн оҥкула. Улахан буукубаттан суруллар Учууталлар баар буоланнар сахабыт норуота сайдар саҕахтаах, тапталлаах улууспут инникигэ эрэллээх.

Эһиги сүрэххит уонна дууһаҕыт сылааһын оҕоҕо аныыр, кэнчээри ыччаппыт оҕо сааһын аргыһа буолар дьоллоох дьоҥҥут. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, энчирээбэт эрэли, үксүү турар үөрүүнү, тосхойо турар дьолу баҕарабыт. Халлааҥҥыт өрүү ыраас буоллун, күҥҥүт сыдьаайа тыктын!

Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтатын начаалынньыга

Гаврил Николаевич Толстяков

Просмотров: 425
Служебный вход
АНОНСЫ

ПЕДАГОГИЧЕСКАЯ ЯРМАРКА

ВКВКВК

ОБЪЯСНЯЕМ.РФ

СНИЖЕНИЕ АДМИНИСТРАТИВНОЙ НАГРУЗКИ НА ПЕДАГОГИЧЕСКИХ РАБОТНИКОВ

ГОРЯЧЕЕ ПИТАНИЕ

Горячая линия по дистанционному обазованию

Горячая линия

Телефон доверия

Телефон доверия

Телефон доверия

Выбор будущего

Президент России

Ил Дархан Республики Саха (Якутия)

МР Мегино-Кангаласский улус

Официальный сайт Басговру

Реском профсоюза РС(Я)

WorldSkills Russia

Сетевой город. Образование

Сетевой город. Анкетирование

КАЛЕНДАРЬ
«  Октябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
СТАТИСТИКА

Онлайн всего: 7
Гостей: 7
Пользователей: 0
Министерство Просвещения РФ  Министерство образования и науки Республики Саха (Якутия)  Институт развития образования и повышения квалификации Республики Саха (Якутия)  Республиканский центр дополнительного образования и гражданско-патриотического воспитания  Институт национальных школ Республики Саха (Якутия)  Федеральный портал поддержки ЕГЭ  Официальный информационный портал ГИА  Федеральные государственные образовательные стандарты  Федеральный образовательный портал  Российский общеобразовательный портал  Единая коллекция цифровых образовательных ресурсов  Федеральный центр информационно-образовательных ресурсов  Федеральная служба по надзору в сфере образования и науки  Федеральный центр тестирования  Федеральный институт педагогических измерений  Единое окно доступа к образовательным ресурсам  Всероссийский Интернет-педсовет  ИД Первое сентября 
МКУ "Мегино-Кангаласское районное управление образования" © 2009