Муус устар 10 күнүгэр Е.П. Шестаков-Эрчимэн аатынан Бырама сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар «Тыа сирин сайдар кэскилэ» диэн төгүрүк остуол буолан ааста.
Кэпсэтиигэ барыта холбоон кыттыыны ылла уонна иһиттэ 35 киһи онтон 16 оскуола үлэһиттэрэ. Төгүрүк остуол модератора, оскуола дириэктэрэ Петров Николай Анатольевич.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар:
Шамаев Иван Иванович – Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, физика уонна математика билимнэрин доктора, Республиканскай лицей-интернат директора;
Макаров Бурхалей Степанович - Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, саха тылын учуутала, краевед, поэт.
Кыттыыны ыллылар:
Ефимов Гаврил Степанович - Холгума нэһилиэгин баһылыга;
Захаров Александр Петрович - Чыамайыкы нэһилиэгин баһылыга;
Устинья Петровна Тарабукина – нэһилиэк айар куттаах дьонун түмсүүтүн салайааччыта;
Захарова Альбина Семеновна – кырдьаҕастар сүбэлэрин салайааччыта;
Соловьев Николай Михайлович – оскуола учуутала;
Попова Татьяна Александровна – төрөппүт сүбэтин председателэ;
Нусугуров Семен Владимирович – олохтоох ЖКХ салайааччыта;
Егор Егорович Шестаков – Эрчимэн уола, оскуола мецената;
Иван Иванович Шестаков – Мэҥэ- Хаҥалас улууһун нэһилиэнньэни уонна үлэ социальнай көмүскэлин управлениетын салайааччыта, оскуола мецената;
Уваров Николай Васильевич – Амма улууһун, Эмис нэһилиэгин Аҕа сүбэтин салайааччыта;
Романова Любовь Евгеньевна – Чыамайыкы оскуолатын директора;
Максимова Дарияна Гаврильевна – Чыамайыкы кулуубун салайааччыта;
Дьячковская Аграфена Константиновна – Чыамайыкы оскуолатын иитэр үлэҕэ солбуйаачччыта.
Санаа атастаһыытын төгүрүк остуолугар таарыйыллыбыт боппуруостар:
- Нэһилиэк оҕотугар, ыччатыгар, олохтоохторугар төрөөбүт нэһилиэктэригэр тардыһыылаах, дойдумсах буоларга иитиини хайдах тэрийиэххэ сөбүй?
- Тыа сиригэр толору хааччыллыылаах дьиэ элбиирин хайдах ситиһиэххэ сөбүй?
- Тыа сирин учууталынан, эмчитинэн, культура үлэһитинэн хааччыйар наадатыгар орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар целевой миэстэлэри хайдах туһаныахха сөбүй?
- Тыа сиригэр баран олохсуйар, үлэлиир киһиэхэ туох чэпчэтии баар буолуон сөбүй?
- Тыа сиригэр оҥорон таһаарыы ханнык хайысхалара үөскүөхтэрин сөбүй?
- Нэһилиэккэ табаары оҥорон таһаарааччы баар буолуутун хайдах көҕүлүөххэ сөбүй?
- Эт-үүт таҥастыыр цехтэргэ үлэһит илии тиийбэт кыһалҕатын хайдах быһаарыахха сөбүй?
- Тыа сиригэр, чуолаан нэһилиэктэргэ куораттан, улуус кииниттэн дьону көһөрөн таһаарар туох ньыма, общественнай, муниципальнай, судаарыстыбаннай механизм үөскэтиллиэн сөбүй?
- Тыа хаһаайыстыбатыгар бюджеттан көмө харчыны нэһилиэккэ быһа тириэрдии туһунан этии төһө оруннааҕый? Өскөтүн ити этиини оруннаах диэтэхпитинэ ханнык правовой механизмы оҥоруохха сөбүй?
- Нэһилиэктэргэ оҕону сайыннарыы, иитии-үөрэтии кииннэрин тэрийии кыаллыа дуо?
- Атын сиргэ олохсуйбут дьон нэһилиэк олоҕор кыттар усулуобуйатын хайдах тэрийиэххэ сөбүй?
- Суорумньуну тэрийиигэ туох этиилээххиний?
- Баһылык уларыйарыттан тутулуга суох утумнаахтык үлэлиир нэһилиэк общественнай сүбэтин хайдах тэрийиэххэ сөбүй?
Мунньах уурда:
1) Кыра нэһилиэктэр кэнгириэстэрин тэрийэн ыытарга.
2) Кэнгириэс бэрэссэдээтэлинэн И.И. Шамаевы таларга.
3) Кыра нэһилиэктэр форумнарын сайын тэрийэн ыытарга.
Бу уурааҕы ылынарга мунньахха кыттыыны ылбыт дьон 100% куоластаата.
|