Алтынньы 14 күнүгэр Дмитрий Таас аатынан Хорообут орто оскуолатын уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин үлэһиттэрин комитетын тэрийиитинэн сабыылаах саалаҕа спортивнай ориентированияҕа хамаанданан уонна биирдиилээн кыттааччыларга ананан күрэх ыытылынна. Барыта алта хамаанда кытынна ол курдук улуус эбии үөрэхтээһинин "Кэрэли" киин педагогтара, Догдоҥо ситэтэ суох орто оскуолатын эдэр учууталларын хамаандата, Табаҕа, Төҥүлү оскуолаларын учууталларын хамаандалара, тэрийээччи Хорообут оскуолатын икки хамаандата. Сүрдээх көхтөөх, түргэн-тарҕан курэх ыытылынна. Күрэҕи туризм куруһуок салайааччыта Афанасий Егорович Игнатьев олус үчүгэйдик тэрийэн ыытта.
Түмүккэ Төҥүлү оскуолатын хамаандата I миэстэ, Табаҕа оскуолатын хамаандата II, улуус эбии үөрэхтээһинин "Кэрэли" киин педагогтара III миэстэ буоллулар.
Биирдиилээн түмүккэ кыргыттарга III миэстэ Зыкова Нь.Н., Табага оскуолатын хамаандатын чилиэнэ, начальнай кылаас учуутала, II миэстэ Сергучева С.П., Хорообут оскуолатын чилиэнэ, туризм куруһуок салайааччыта, I миэстэ Бугаева А.В. Төҥүлү оскуолатын хамаандатын чилиэнэ, хайыһар тренэрэ.
Эр дьоҥҥо III миэстэ Скрябин Н.Г., Хорообут оскуолатын хамаандатын чилиэнэ, оскуола дириэктэрэ, II миэстэ Бурнашев В.П., Табаҕа оскуолатын чилиэнэ, физика учуутала, I миэстэ Андреев Н.П., Төҥүлү оскуолатын чилиэнэ, физкультура учуутала.
И. Скрябин, Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин
үлэһиттэрин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ
|