Кулун тутар 24 күнүгэр Yөрэтэр-оҥорон таhаарар кииҥҥэ улуустааҕы «Творческий поиск» сэминээр-практикум буолан ааста.
Тэрээһиҥҥэ улууспут 14 үөрэҕин тэрилтэтиттэн, 35 эбии үөрэхтээһин уһуйааччылара, технология учууталлара, оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ кытыннылар.
Сэминээр оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар илиинэн оҥоһуктары сайыннарар, кинилэри киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр, тарҕатар, эдэр ыччаты өбүгэлэрбит үгэс буолбут дьарыктарыгар уһуйар, норуот үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин ситиһэр сыаллаах ыытылынна. Сэминээр кыттыылаахтара "төгүрүк остуол" тула олорон өбүгэлэрбит үгэстэринэн оҕону төрүт үгэскэ олоҕуран иитии-үөрэтии, уһуйуу, саха олоҕун-дьаһаҕын, төрүт үгэстэрин сайыннарар, тарҕатар туһунан кэпсэтии буолла.
Сэминээр практическай чааһыгар улууспут биллэр, тарбаҕар талааннаах, иистэнэр, уһанар дьоҕурдаах норуот маастардара, мустубут дьоҥҥо бэйэлэрин сатабылларын көрдөрөн, сүбэлээн, билиилэрин үллэһиннилэр. Оҥорон таһаарбыт үлэлэриттэн аҕалан дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруорбут быыстапкаларыгар сүрүн болҕомто уурулунна.
Бэйэлэрин хайысхаларынан олус сэргэх маастар кылаастары ыыттылар: СӨ норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара Федор Скрябин сахалыы иһити, чороону, Тарат оскуолатын учуутала Лидия Николаева валяния техниканан куукулану оҥорууга, Дьокуускайтан "Сардаана" фабрикаҕа, "Саха булт" концерн сувенир оҥорор сыаҕар өр сылларга үлэлээбит маастар Нюргустана Давыдова оҕуруонан быысапканы иистэнэр массыынаҕа тигиини билиһиннэрдилэр.
Уһуйааччылар уопуттаах маастардартан үөрэнэн, көрүҥнэринэн сөптөөх хоруй ыланнар, оҕону төрүт үгэстэринэн иистэнэр, уһанар дьоҕуру баһылыырыгар эргиччи өттүнэн сайыннарарга, иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ үлэлиир уһуйааччыларга, үлэлэрэ-хамнастара таһаарыылаах буоларын туһугар ыытыллыбыт тэрээһин, көмө-тирэх буолуоҕа диэн эрэнэбит. Сэминээр кыттыылаахтара маастардарга, тэрийээччилэргэ махтанан туран инникитин улууспут, өрөспүүбүлүкэбит биллэр уустарын түмэн, уопут атастаһарга маннык тэрээһиннэр тэриллэллэрэ кэскиллээҕин бэлиэтээтилэр.
Мария Борисова, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы
|