Бүгүн, олунньу 10 күнүгэр Филипп Гаврильевич Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар Мэҥэ-Хаҥалас үөрэҕириитин тиһигэ 150 сааһын бэлиэтиир нэдиэлэ иһинэн ыытыллар үөрэҕирии эйгэтин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа буолан ааста.
Бу күн үөрэҕирии салалтатын начальнига Гаврил Николаевич Толстяков Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕирии салалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин сырдатта. Салҕыы дакылаат сүнньүнэн араас этиилэри уонна ыйытыыларга хоруйдааһын буолла. Уһуйааччы уонна аҕа субэһит сылын түмүгүнэн «Сурэх тэбэрин тухары» кинигэ таҕыста. Кинигэ геройдарын – бастыҥ үлэлээх коллегалар бэлиэтэннилэр, кинигэ бэлэх туттулар. Ону таһынан 12 араас былаһаакканан үлэ ыытылынна: знание, профоориентация, воспитание, здоровье, творчество, учитель – школьная команда, образовательная среда, площадка по дошкольному образованию, площадка для советников и педагогов-организаторов.
Диана Игнатьева, ОхлопковNews медиа киин Диана Игнатьева, Вероника Петрова хаарстыскаҕа түһэриилэрэ. https://vk.com/album-193005187_300306003
|