Убаастабыллаах биир идэлээхтэрбит, үлэ ветераннара!
Улууспут кэнчээри ыччата үүнэрин-сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар иитээччилэри, педагогическай үлэ ветераннарын оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэтин бары үлэһиттэрин күннэринэн истиҥник эҕэрдэлиибит!
Эһигини, айылҕаттан айдарыылаах норуот иитээччилэрин быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбыт. Кэлэр кэнчээри ыччаппытын үөрэтэр, сырдыкка - үтүөҕэ сирдиир, туох баар билиигитин, кыһамньыгытын биэрэн туран үлэлииргитинэн киэҥ туттабыт. Иитээччи диэн үрдүк ааты өрө тутар туһугар үгүс сыраҕытын уураргытын үрдүктүк сыаналыыбыт.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ баҕарабыт дьиэ – кэргэҥҥитигэр дьолу – соргуну, уйгулаах – быйаҥнаах дьоһун олоҕу, кытаанах доруобуйаны, айар – тутар кэскиллээх, дьоһуннах улэҕитигэр ситиһиилэри!
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэҕириигэ салалтата |