Бүгүн, олунньу 12 күнүгэр төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллыбыт сахалыы дьыктааҥҥа уопсайа 56 киһи кытынна. Үөрэнээччилэргэ бастыҥ үлэлээхтэринэн Майа лиссиэйин 10-1 кылааһын үөрэнээччилэрэ Винокурова Дайаана, Андреева Милена, улахан дьоҥҥо Майатааҕы лиссиэй дириэктэрэ Попова Татьяна Спартаковна, Наахара орто оскуолатын педагог-библиотекара Жиркова Светлана Анатольевна, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын педагог-библиотекара Хабарова Мария Дмитриевна буоллулар.
Сахалыы дьыктааны таба суруйууга уһулуччу үчүгэй көрдөрүүлээҕинэн Майатааҕы лиссиэй информатикаҕа учуутала Харитонова Мария Иннокентьевна буолла.
Олоҥхо дойдута
Олоҥхо дойдута дьикти үчүгэй. Тула көрдөххө, тулхадыйбат туруук таас хайалаах, уҥуоргута биллибэт уйгулаах хонуулаах, баһа-атаҕа биллибэт баай хара тыалаах, охтубат мастаах, уолбат уулаах, киирбэт күннээх сир. Кэрээн этэр кэҕэлээх, өрөөн этэр өтөннөөх дойду диэн бу буолар. Манна хонуу муҥунан хороҕор муостаах холбоспут, сыһыы муҥунан сылгы сүөһү сыбыытаабыт.
Бу маннык бэйэлээх мааны-силик дойду эргийэр киинигэр ыалдьыбыты үтүөрдэр, өлбүтү тилиннэрэр Аал Луук Мас сиртэн силистэнэн, халлаантан тардыстан үүнэн сириэдийэн турар.
Дьэ маннык айгырастаах силистээх ийэ сир эбэни, огдолуйбат олохтоох орто туруу дойдуну ким-ханнык иччилиир, иилиир-саҕалыыр диэтэххэ, аһыныгас сүрэхтээх айыы аймахтара, көмүскэстээх санаалаах күн сирин биистэрэ, самныбат саргылаах саха дьонноро олороллор, эйэ-дьол иһин охсуһаллар эбит.
|