Сэтинньи 27 күнүгэр Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр “Олоҥхо дьиэтэ” оройуоннааҕы норуот айымньытын киинигэр республикатааҕы Олоҥхо Ассоциациятын көһө сылдьар ситэриилээх мунньаҕа тэрилиннэ.
Мунньаҕы “Олоҥхо ассоциациятын” общественнай тэрилтэтин президенэ Февронья Шишигина салайда. Ощественнай тэрилтэ чилиэттэрэ, олоҥхо эйгэтигэр үлэлэһэ сылдьар дьон, улуустартан бэрэстэбиитэллэр, СР култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун салалтатыттан кыттыыны ыллылар. Бэбиэскэҕэ уопсайа үс боппуруос туруорулунна. Саха норуотун уус-уран тылынан эпическэй айымньыны Олоҥхону, төрүт үгэстэри тыыннаах хаалларыы, сөргүтүү үлэлэрин туһунан иһитиннэриилэри бу хайысхаҕа үлэлэһэр салайааччылар Зоя Сысолятина, Галина Попова-Санаайа, Валентина Бочонина оҥордулар. Кэлэр сайын Республикатааҕы Олоҥхо Ыһыаҕын бэлэмнэнии, ыытыы үлэтин туһунан кэпсэтии барда. “Олоҥхо кыһата” саҥа бырайыак туһунан бырайыак ааптардара Агафья Захарова, Ариан Ермолаев билиһиннэрдилэр.
Күн иккис аҥарыгар “Олоҥхо дьиэтэ- төрүт үгэс эйгэтэ” аһаҕас кэпсэтии түһүлгэтэ тэрилиннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр 5 сыллааҕыта “Олоҥхо дьиэтэ” үлэҕэ киирэн бүгүн дьоҕус тэрилтэ 12 үлэһиттээх айа-тута, үлэлии-хамныы сылдьар. Эдэр-эрчимнээх, талааннаах, бэйэлэрин идэлэрин толору баһылаабыт, сахалыы куттаах дьоҕус кэлэктииби Евдокия Иванова салайар. Биэс сыл устата “Олоҥхо дьиэтэ” Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин киинигэр туран, сахалыы ураты эйгэни оҥорон, саха дьонун итиэннэ атын омуктары түмэр, сомоҕолуур соругу толорон, инникитин үлэтин ис хоһоонун өссө кэҥэтэр былааннаах. Бу күн үөрүүлээх чааһын Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин култууратын киинигэр Иннокентий Иванович Бурнашев-Тоҥ Суорун “Тыллаах-өстөөх Хара кулун аттаах Сылгы уола Дыырай бухатыыр олоҥхотунан уус-уран дьүһүйүү түмүктээтэ.
Зоя Герасимова.
|