Быйылгы үөрэх дьылыгар сылын аайы ыытыллар «Окно в науку» оскуола иннинээҕи 5-7 диэри саастаах оҕолорго аналлаах научнай-чинчийэр ааҕыыларга кулун тутар 20 күнүттэн саҕалаан муус устар 20 күнүгэр диэри заявкалары, үлэлэри хомуйан, дьүүллүр сүбэ түмүктэрин таһаарда.
Киирбит дакылааттартан 5 саастаах 23 оҕо, 6 саастаах 37 оҕо, 7 саастаах 17 оҕо кыттыыны ыллылар.
Дакылааттар араас темаҕа, аныгы олох сиэринэн тупсаҕайдык оҥоһуллан, дакылаат ааҕар оҕолорго, жюри көрөрүгэр да олус интэриэһинэй буоллулар. Оҕолор учугэй бэлэмнээхтэрэ, иитээччилэр кыһамньылаахтык дьарыктаммыттара көстөр.
«Окно в науку» научнай-чинчийэр ааҕыылар түмүктэринэн тэрийээччилэр сүбэлэрэ:
- Научнай – чинчийэр ааҕыылар буолалларын быһыытынан оҕо практическай чинчийэр үлэлээх буолуохтаах.
- Оҕолор үчүгэйдик көрдөрөн, сырдатан, выставкалаан оҥорбут үлэлэрэ ордук биһирэнэллэр.
- Оҕо дакылаатын уопсай ис хоһоонун көрөн туран ситимнээхтик кэпсииригэр (дакылаатын аатыттан, сыалыттан, соруктарыттан саҕалаан бүтэһик түмүктүүр ойуутугар диэри) СТЕНДОВАЙ оҥоруллара балаһыанньаҕа ирдэбил биир тутаах чааһын быһыытынан киирбитэ. Бу ирдэбил оҕо сайдарыгар саамай наадалаах сатабылларын (болҕомтотун, логикатын, толкуйун, ориентировка в пространстве ) сайыннарар.
- Дакылааты ааҕар оҕо, дьон иннигэр толлубакка бэйэтин билиитин, сатабылын көрдөрөргө үөрэнэр, инники олоҕор сыалын соругун ситиһэригэр бастакы олук буолар диэн сыаналыыбыт.
- Сорох дакылааттар балаһыанньаны тутуспакка презентациянан оҥоһуллан сыанабыллара (бааллара) кыччаан биэрдэ. Инникитин маннык сыыһалары туоратарга улэ ыытыллыа диэн бигэ эрэллээхпит.
Саҥа тэтимнээх үйэ кэскиллэрин иитэн таһаарар үлэҕитигэр республикабыт, улууспут иитээччилэригэр ситиһиини баҕарабыт, киэҥ билиилээх иитиллээччилэри, махталлаах төрөппүттэри, улэҕит таһаарыылаах буоллун.
ИТОГОВЫЙ ПРОТОКОЛ
Варвара Анатольевна Соловьева, иитээччи, научнай-чинчийэр ааҕыылар тэрийээччилэрэ |