2021-2022 үөрэх дьылыгар III төгүлүн кэтэхтэн ыытыллар «Логопедические находки» республика оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэрин педагогтарыгар биллэриллибит куонкурус түмүктэннэ. Тыл сайдыытыгар саҥа ньымалары туттан, уопут атастаһан, педагогтар таһымнарын үрдэтэр, оҕоҕо, төрөппүттэргэ көмөлөһөр сыаллаах куонкурска быйыл 17 улуустан 57 кыттааччы түөрт хайысхаҕа үлэлэрин ыыттылар.
Конкурс кыттааччылара:
- Мэҥэ Хаҥалас улууһа – 12
- Ньурба улууһа – 1
- Нам улууһа – 6
- Дьокуускай куорат – 13
- Амма улууһа – 1
- Үөһээ Бүлүү улууһа – 3
- Таатта улууһа – 5
- Чурапчы улууһа – 1
- Сунтаар улууһа - 2
- Эбээн – Бытантай – 1
- Эдьигээн улууһа – 1
- Горнай улууһа – 1
- Миирнэй оройуона – 1
- Томпо улууһа – 1
- Бүлүү улууһа – 1
- Уус Алдан улууһа – 1
- Хаҥалас улууһа – 1
Учуутал – логопедтар – 37
Иитээччилэр - 15
Психологтар – 1
Тьютордар – 1
Киирбит үлэлэр маннык наарданнылар:
- Бастакы номинация - «Кейс логопедических игр». Уопсай халыыптаах 5-6 биир тиэмэҕэ оонньуулар – 23 үлэ.
- Иккис номинация - «Авторские логонаходки». Сахалыы тылынан оҕо саҥатын сайыннарар ааптарскай остуоруйалар, хоһооннор, кэпсээннэр уо.д.а.) – 18 үлэ.
- Үһүс номинация - «Логопедические лайфхаки». Төрөппүттэргэ оҕо тылын сайыннарар түргэн ньымалар) – 3 үлэ.
- Төрдүс номинация - «Новое время». Аныгы технологиялары туһанан төрөппүттэргэ, педагогтарга онлайн - дьарыктар, сүбэлэр уо.д.а. – 6 үлэ.
Хас номинация аайы кыайыылаахтар быһаарылыннылар (ссылканан протоколу көрүөххэ сөп)
Сыл аайы кыттаачы ахсаана кэҥээн иһэрин, элбэх педагогтар айар үлэҕэ холоммуттарын, саҥа сонун көрүүлэр баар буолбуттарын бэлиэтээн туран, бары кыттаачыларга махтанабыт уонна айымньылаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт.
ПРОТОКОЛ ПО НОМИНАЦИЯМ |