РАЗДЕЛЫ |
|
|
|
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ |
|
|
|
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ |
|
|
|
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ |
|
|
|
ПОИСК |
|
|
|
|
Главная » 2012 » Апрель » 5 » «Киhилии киhини иитии – духуобунаhы сайыннарыы»
10:43 «Киhилии киhини иитии – духуобунаhы сайыннарыы» |
Кулун тутар 17 күнүгэр республикатаађы Тайылђан иhинэн ыытыллыбыт А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 135 сылыгар, «Письмо якутской интеллигенции» үлэтин 100 сааhын туолуутугар аналлаах «Тыыннаах тыл» тэрээhин үлэтигэр уопсайа 43 киhи кыттыыны ылла. ХИФУ профессора Г.С.Попова-Санаайа, «Саха омук» түмсүү салайаачыта И.И.Шамаев, «Мэнэ-Ханалас» МТ баhылыгын эбээhинэhин толорооччу Н.П.Старостин, Нөөрүктээйи МТ баhылыга П.Д.Сазонов, Амма, Чурапчы, Нам, Горнай, Мэнэ-Ханалас улуустарыттан бэрэстибиитэллэр, учууталлар, төрөппүттэр, общественность кытыннылар. “Нөөрүктээйи ыччата” (5-7 кылаас уолаттара) бэйэтин билиhиннэриитин сэргээтилэр, үөрэнээччилэр Саргы Игнатьева, Алеша Климентов (учуутал Л.Д.Петрова) айымньылары аађыыларын хайђаатылар.
А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Письмо якутской интеллигенции» үлэтэ хайдах, хаhан, тођо суруллубутун билистибит (Л.Д.Петрова, С.А.Липатова), сурукка сырдатыллыбыт сүрүн проблемалары аныгы олоххо тэннээн ырыттыбыт (Д.Ю.Васильев, И.И.Шамаев, Г.С.Попова), Өксөкүлээх Өлөксөй Хачыкаакка алтыспыт үөлээннээђин С.Барашков туhунан араас санаалары иhиттибит.
Ол кэннэ «Өксөкүлээхтиин сэhэргэhии» айымньыларынан «Туостарынан оонньуу»быhыытынан ыытылынна. Учууталлар А.А.Дмитриева, А.М.Егорова, Е.Н.Прибылых, С.А.Липатова, Г.В.Егорова, С.Д.Пудова авторскай түргэн сэhэргэhии ньыматынан (проблемный диалог) туhанан ыыттылар. Кыттааччылары айымньы нөңүө бэйэлэрин тургутан көрөллөрүгэр, санааларын сааhыланалларыгар кыах биэрдилэр.
Бүтэhиккэ санаа атастаhыыта ыытылынна, түмүк оноhулунна. А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сайдар тосхоллоро суруллубуттарын бэлиэтээтилэр, ыччакка тиэрдэр эбэhинэтээхпитин, маннык тэрээhиннэри атын нэhилиэктэргэ тарђатарга ыйдылар. Сиртэн төрүт дьарык, тыл, норуот дьылђата тутулуктаађын эттилэр. Олохтоох нэhилиэктэр дьаhалталарыгар ытык сирдэргэ болђомто ууран анал дьаhаллар ылыныллыахтарын наада. Ыччаты иитиигэ Саха Республикатын «Ытык сүбэтэ» ылыммыт тосхоллорун туhанарга сүбэлээтилэр. Тимир суол кэлиитигэр ыгылыйбакка, бэйэбит итэђэлбитин илдьэ сылдьан, түмсүүлээх буоларбытыгар ыңырдылар.
С.Е.Петрова |
Просмотров: 1584
|
|
|
Служебный вход |
|
|
|
АНОНСЫ |
|
|
|
КАЛЕНДАРЬ |
|
|
|
СТАТИСТИКА |
|
Онлайн всего: 6 Гостей: 6 Пользователей: 0 |
|
|