РАЗДЕЛЫ |
|
|
|
ДЛЯ ПЕДАГОГОВ |
|
|
|
ДЛЯ ШКОЛЬНИКОВ |
|
|
|
ОБЩЕСТВЕННЫЕ ОБЪЕДИНЕНИЯ |
|
|
|
ПОИСК |
|
|
|
|
Главная » 2012 » Апрель » 5 » «Өй-санаа, ис турук бөђөргүүрүгэр ыйдарынан ыытыллар үгэстэр»
10:31 «Өй-санаа, ис турук бөђөргүүрүгэр ыйдарынан ыытыллар үгэстэр» |
«Өй-санаа, ис турук бөђөргүүрүгэр ыйдарынан ыытыллар үгэстэр» түhүлгэни ыыттылар Г.Н.Кычкина - ветеран учуутал, Арчы дьиэтин үлэhитэ, Н.И.Колосова - модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ, кыттыыны ыллылар М.М.Петров - «Төрүт» сылгы иитэр хаhаайыстыба салайааччыта, С.С.Тимофеев - «Нөөрүктээйи нэhилиэгэ» МТ тыа хаhаайыстыбатын специалиhа, Н.И.Оконешников - сылгынан дьарктанар дьиэ кэргэн ађа баhылыга, Н.К.Карамзин - спорт ветерана, сэђээрээччи.
Кулун тутар ый дьөhөгөй тардар ый буолар. Биhиэхэ сылгы «Дьөhөгөйтөн төрүттээх» ытык, ыраас сүөhүнэн, «айыы ођотунан» аатырар. Өссө саха былыргы итэђэлигэр сылгы үөскээбитин кэннэ киhи үөскээбитэ диэн этии баар. Ол сиэринэн бу түhүлгэђэ «Сылгыны иитии - төрүт дьарыкпыт» диэн тиэмэ тула кэпсэтии барда. Кэпсээччилэр нэhилиэккэ төhө сылгы баарын, ыччаты сылгыга сыhыарыы туhунан, билиңңи кэмнэ сылгыбытын кичэйэн иитиэх, үөскэтиэх, идэтин сайыннарыах тустаахпыт диэн бэйэлэрин санааларын, сүбэлэрин-амаларын тиэртилэр. Сылгы мииниллэр минэ эрэ буолбатах, ону таhынан бастын ас, таңас, тэрил буолар. Н.Е.Романова, «Манчаары»СПОК үлэhитэ, сылгыттан ылыллар бородууксуйа уонна М.М.Плотникова сылгы сиэлиттэн оңорбут таңаhа-саба ыалдьыттары сэңээртэ. Түмүккэ сылгы хаанынан, уохтаах кымыhынан ыалдьыттары айах туттулар.
Майя Колосова, Павловскай орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ |
Просмотров: 1766
|
|
|
Служебный вход |
|
|
|
АНОНСЫ |
|
|
|
КАЛЕНДАРЬ |
|
|
|
СТАТИСТИКА |
|
Онлайн всего: 4 Гостей: 4 Пользователей: 0 |
|
|