Сэтинньи 3 күнүгэр, Уус-Алдан улууһун Бороҕоннооҕу "Мүрүчээнэ" уһуйааныгар Илин Эҥэр улуустар муусукаҕа салайааччыларын "Музыка собирает друзей" семинар-практикуммут буолан ааста. Семинар автордара Мэҥэ-Хаҥаластан Семенова Капиталина Константиновна уонна Тааттаттан Максимова Варвара Николаевна буолаллар. Семинарга Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Уус-Алдан, Таатта улуустарыттан барыта 46 педагог тоҕуоруһа муһунна.
Семинарбытын Уус-Алдан улууһун үөрэҕириитин управлениетын начальнига Литвинцев Степан Моисеевич эҕэрдэ тылынан арыйбыта, бириэмэ булан, уһуйаан саастаах оҕону муусуканан иитиигэ сүрүн болҕомтону ылан күндү ыалдьыт буолбута наһаа үчүгэй, хас биирдии салайааччыга үтүө холобур буолара саарбаҕа суох. Өссө биир сонун, киһи эрэ кэрэхсиир көлүөнэ үҥкүүтүн сэҥээрэ көрдүбүт. Ол курдук ийэ, кыыһа, сиэн кыыс наскылдьыһан киирэннэр тэрээһиммитин киэргэппиттэрэ олус үчүгэй, "Педагог уонна уһуйааччы" сылынан диэн оруобуна сөп түбэһэр номеры көрөммүт бары да сүргэбит өрө көтөҕүллүннэ.
Салгыы Уус Алдантан коллегаларбытын кытта республика музруктарын гимнын, бу группаттан айыллан тахсыбыт уостан түспэт ырыабытын бука бары долгуйан туран ыллаатыбыт.
Семинар бастакы чааһыгар У-Алдан музруктара дьарык хаамыытынан маастар-кылаастарын көрдүбүт, салгыы кэлбит педагогтар опыттарын көрдүбүт-иһиттибит.
Манна бэлиэтии көрдүбүт: музруктар үлэлэригэр сүҥкэн сайдыы барбытын, ИКТны толору баһылаабыттара, ритмҥа үлэ күүскэ ыытыллара, музыкальнай дидактическай оонньуулары дьарыкка ситими быспакка тутталлара, музыканан хамсаныыларга сонун көрүүлэрдээх, опыттаах коллегалар бааллара дьэҥкэтик көһүннэ.
Өссө биир үчүгэйэ диэн Капиталина Константиновна "Кустук" региональнай программа буруолуу сылдьар саҥа тахсыбыт УМКтын сырдатта.
Үлэ опыта бөҕө көрөммүт, хас биирдии кыттааччы кэннэ анализтаан, сыыһаны ыйан, көҕүрэтэн, эбэн-сабан, үлэ уопутун өссө ханна, хайдах киллэрэн биэриэххэ сөбүн сүбэлээн истибит. Хас биирдии кэлбит музрук бэйэтигэр тугу эмэ ылынан барбыта саарбаҕа суох, үлэлэригэр туттуохтара диэн эрэллээхпит.
Семинар түмүгүнэн: Хас биирдии педагог сахалыы ыраастык саҥарыахтааҕын, үлэтигэр региональнай компоненынан авторскай үлэлэри оҥостоллоругар, кырачаан оҕоҕо "Мин сахабын, сахалыы саҥарабын" диэн өйдөбүлү кыра сааһыттан иҥэриэхтээхпитин, сахалыы тыынынан иитиэхтээхпитин өссө төгүл ыйдыбыт, эттибит.
Түмүккэ, кэлэр семинарбыт Амма улууһугар ыытылларын иһитиннэрдибит уонна көһө сылдьар кубок-бэлиэбитин Аммаларга ыыттыбыт.
Семинарбытын иилээн-саҕалаан ыыппыт Бороҕоннооҕу "Мүрүчээнэ" уһуйаан бары коллективыгар, заведующайыгар Светлана Георгиевнаҕа, муусука салайааччыта, У-Алдан музруктарын МХ салайааччытыгар Луиза Гаврильевнаҕа, бука бары У-Алдан музруктарыгар, У-Алдан үөрэҕин управлениетыгар көмөҕүт, өйөбүлгүт, тэрээһиҥҥит иһин барҕа махтал тылларын аныыбыт.
Инникитин да кэлэр кэнчээри ыччаты, кырачаан оҕолору муусуканан иитиигэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ күүс-көмө буолуоххут диэн эрэнэбит.
Семинар-практикум автордара Максимова В.Н., Семенова К.К.
#ГодПедагогаНаставника
#ГПН_2023
#ГПН_МКулус
|