Аҕа дойду көмүскээччилэр күннэрин чэрчитинэн «Биир Ньыгыл Россия» политическай баартыйа бырайыагынан "Герой партата" акция биллэриллибитэ. Биһиги улууспутутугар маннык акцияны олунньу ый 21-22 күннэригэр үөрэнээччилэргэ анаан 19 оскуола бэрт тэрээһиннээхтик ыытта. Герой оскуолаҕа үөрэммит паартатын тула сэргэх кэпсэтиилэр, кылаас чаастара, выставкалар, музейнай уруоктар буолан аастылар. Үөрэнээччилэр урукку уонна билиҥҥи кэмҥэ историяҕа киирбит геройдуу быһыыны оҥорбут буойун саллааттар, учуонайдар, государственнай политическай деятеллэр тустарынан сиһилии билистилэр.
Бугаев Н.Н., үөрэҕирии салалтатын сүрүннүүр специалиһа
|