Муус устар 15 күнүгэр А.В. Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор хамаандаларын икки ардыларыгар улуустааҕы дуобат күрэхтэһиитэ буолан ааста. Күрэхтэһии оҕону иитии эйгэтигэр өр сылларга үлэлээбит, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна - Попова Екатерина Романовна аатынан Мэлдьэхси сиригэр-уотугар ыытыллыбыта 5 сылыгар ананна.
Суол-иис мөлтөҕүн аахсыбакка: Майаттан «Кэнчээри», Хорообуттан «Күнчээн», Бэдьимэттэн «Чуораанчык», Павловскайтан «Мичээр», «Лена», Бэстээх «Солнышко» оҕо уһуйааннара уонна олохтоох Мэлдьэхси оскуолатын хамаандата күөн- көрүстүлэр.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэрэ маннык буолла: Аллараа Бэстээх бөһүөлэгин «Солнышко» детсадын хамаандата - 3 миэстэ, Майа нэһилиэгин «Чуораанчык» детсада - 2 миэстэ, Майа «Кэнчээри» детсада - 1 миэстэни ылан, көһөрүллэ сылдьар кубогы илдьэ барар чиэскэ тигистилэр. Кыайыылаахтар мэтээл, грамота, кыттыбыт оҕолор бары сертификат ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
|