Олунньу 17 күнүгэр Харатааҕы «Кэрэчээн» оҕо уһуйаана кыра саастаах оҕолору уһуйаан саҕаттан дуобакка уонна саахыматка үөрэтиигэ zoom нөҥүө улуус педагогтарыгар семинар ыытта.
Семинарга барыта 68 улуус педагогтара киирдилэр. Семинар саҕаланыытыгар киирии тылы детсад сэбиэдиссэйэ Захаров Ю.П. уонна улуустааҕы үөрэх управлениятын информационно-методическай отделын сүрүн специалиһа Ларионова М.Н. эттилэр.
Ол курдук улууспутугар “Одаренный ребенок” бырайыагынан барыта 8 детсад араас хайысхалары тутуһан, опорнай центр буолан үлэлии олороллор. “Кэрэчээн” детсад Хара нэһилиэгэр баар спортивнай оскуоланы кытта биир ситими тутан физическай иитии-үөрэтии хайысхатыгар улууска опорнай детсад буолар. Проект сүнньүнэн барар үлэлэртэн биирдэстэр оҕону уһуйаан сааһыттан дуобакка, саахымакка уһуйуу буолар. Дуобат уонна шахмат өй оонньууларыттан биирдэстэрэ, бу оонньуулар оҕолор толкуйдуур, оҥорон көрөр дьоҕурдарын көҕүлүүллэр, өйгө тутар дьоҕуру уонна болҕомтолоох буолууну сайыннараллар. Кыра оҕолор үксүлэрэ оскуолаҕа киириэхтэрин иннинэ активнайдар, элбэхтэр хамсаналлар, биир сиргэ өр таба олороллоро ыарахан, оттон бу оонньуулар көмөлөрүнэн оҕо олорон үлэлииргэ, тулуурдаах буоларга үөрэнэр.
Семинарга бастакынан бэйэтин опытын үллэһиннэ детсад педагог-психолога Стручкова В.П. Кини “Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору саахымат оонньуутун ньымаларыгар үөрэтии” диэн тиэмэни кэпсээтэ. Дакылаатын сыалынан оҕолору саахымат оонньууга интэриэстэрин тардыы, сатаан ооньуур сатабылларын сайыннарыы; оҕо саахымат оонньууну сөптөөхтүк ылынан сөбүлээн оонньуур, бэйэтэ айан, толкуйдаан, салгыы оонньуур баҕатын күүһүрдүү. Варвара Петровна оҕолорго шахматы хайдах үөрэтиэххэ сөбүн, шахмат фигуралара хайдах хаамалларын, шахмакка үөрэтэргэ араас дидактическай оонньуулары туһаныахха сөбүн туһунан кэпсээтэ.
Салҕыы физкультура инструктора Макаров И.И. “Остуол оонньуутун-дуобат көмөтүнэн оҕо олорорго дьаныарын сайыннарыы” диэн темаҕа кэпсээтэ. Дакылаатын сыалынан уһуйаан саастаах оҕолорго дуобат сүрүн быраабылаларын билиһиннэрии уонна оонньуу кэмигэр сөпкө туһанары ситиһии буолар. Иван Исаевич дуобат историятын, көрүҥнэрин; ыытыллар улэ араастарын; оҕолорго дуобаты остуоруйа, хоһоон нөҥүө үөрэттэххэ быдан түргэнник ылыналларын бэлиэтээтэ.
“Дуобат дуоскатын дьиэҕэ хайдах оҥоруохха сөбүй?” диэн темаҕа мастер класс улахан бөлөх иитээччитэ Санникова Р.И. ыытан көрдөрдө. Бэйэ илиитинэн оҥорбутунан оҕолор быдан үчүгэйдик оонньуулларын, харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын эттэ.
Түмүктээн эттэххэ, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго дуобаты уонна саахыматы үөрэтии оҕо логическайдык толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар; оҕо өйдүүр кыаҕын сайыннарар уонна чочуйар; спортивнай характеры оҥорон таһаарар уонна оонньууга интэриэһи күөдьүтэр; олорон үлэлииргэ тулуурдаах буолууну уонна онорбуту тиһиккэ тиэрдэргэ үөрэтэр. Ол иһин кыра оҕону уһуйаантан саҕалаан бу спорт көрүҥнэригэр уһуйар наадалааҕа саарбаҕа суох диэн семинар кыттыылаахтара бары биир санааҕа кэллилэр. |