Билиҥҥи кэмҥэ үгэс буолбут дьарыкпытын норуот маастардара, үөрэх тэрилтэлэрин уһуйааччылара салгыыллар, уһаныы кистэлэҥнэрин, араас ньымаларын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэллэр.
Ол курдук кулун тутар 24 күнүгэр Оҕо техническэй дьоҕурун сайыннарар киин көҕүлээһининэн улуустааҕы “Чороон алыба” күрэх тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Күрэххэ кытта кэлбит оҕолор саха төрүт үгэһигэр - станокка кытыйаны кыстарыыга, оһуорун анньыыга бэйэлэрин сатабылларын көрдөрдүлэр.
Күрэх түмүгэ:
1 миэстэ - Баишев Айтал, "Оҕо техническэй дьоҕурун сайыннарар киин" (Төҥүлү оск.), сал. Баишев Е.А.
2 миэстэ - Кондинскай Николай, "Оҕо техническэй дьоҕурун сайыннарар киин" (Тумул оск.), сал. Софронеев Н.В.
3 миэстэ - Свешников Григорий, "Оҕо техническэй дьоҕурун сайыннарар киин"(Дьабыл оск.), сал. Борисов В.Н.
Кыттааччыларга Елисей Андреевич Баишев-Дэлэ Уус оҥорбут сахалыы иһитэ-хомуоһа көрдөрүүгэ турда.
Бары кыттааччылары, салайааччылары, көхтөөх тэрээһин ааспытынан эҕэрдэлиибит!
Саргылана Афанасьевна Чугунова, педагог-тэрийээччи
|