«Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээһин киин педагога, «Айылгы» куруһуок салайааччыта Анастасия Ивановна Слепцова биир идэлээхтэригэр үлэтин уопутун тарҕатар сыаллаах «Айылгы» - олоҥхо туоната» диэн улуустааҕы авторскай семинар ыытта. Манна кыттыыны ыллылар: улуустааҕы Олоҥхо дьиэтин специалистара, Майатааҕы В.П.Ларионов аатынан оскуола, Майатааҕы лицей, Хорообут, Тарат, Моорук оскуолаларын учууталлара, педагогтара, оҕо сааттарын үлэһиттэрэ, барыта 20 киһи кыттыыны ылла. Анастасия Ивановна өр сыллаах киэҥ өрүттээх үлэтэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр. Үөрэнээччилэрэ араас фольклор күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кытталлар.
Семинар аһыллыыта «Олоҥхоҕо оҕону бырайыак нөҥүө уһуйуу ньымалара» автор маастар кылааһынан саҕаланна. Слепцова А.И. Джо Дьюи бырайыактыыр ньыматынан 2000 сылтан үлэлэһэн үөрэтээччилэрин сатабылга, ситиһиигэ таһаарар үлэтин уопутуттан кэпсэннэ. Семинар кыттыылаахтара үс бөлөххө арахсан, «Хомус- хоһоон - хомуһун» диэн бырайыактаан ырытан, сыалга-сорукка таҕыстылар. Аһаҕас дьарыга «Развитие эстетических, музыкальных, творческих способностей, фантазии и воображение через изучение эпоса Олонхо» бырайыактыыр ньыманан оҕолор үлэлэрин көрдөрдө.
Семинар сүрүн чааһыгар «Айылгы» - олоҥхо туоната» куруһуок «Айылгы» үөрэнээччилэрин эҕэрдэ ырыаларын-тойуктарын, дьүһүйүүлэрин, олоҥхолорун семинар кыттыылаахтара бары астына көрдүлэр. Бу семинарга анаан «Олоҥхо эйгэтигэр оҕолору уһуйуу» педагог авторскай брошюратын таһаарда. Оҕо бастаан төрөөбүт алааһыттан, бэйэтин норуотун култууратыттан, историятыттан, фольклоруттан саҕалаан, онно тирэҕирэн атын омуктар, норуоттар фольклордарын билэн аан дойду үөрэҕин таһымыгар тахсыахтаах диэн көрүүлээх. Брошюраҕа бырайыактыыр ньымаҕа дьарыктар, куруһуок образовательнай программата, оҕолор ситиһиилэрэ уонна оҕолорго сөптөөхтүк кылгатыллан “Күн эрэли” Николай Степанов – Ноорой олоҥхото киирдэ. Бу сүрдээх улахан суолталаах буолла.
Педагог методическай үлэлэрин, хаартысканан быыстапкатын, куруһуок үөрэнээччилэрин бырайыактыыр ньыманан үлэлэрин, оҥоһуктарын семинар кыттыылаахтара сэргии көрдүлэр.
Түмүккэ кэпсэтии, санаа үллэстии буолла. Эҕэрдэ тылларын бииргэ үлэлээбит коллегалара, үөрэнээччилэрэ, биир санаалаахтара тириэртилэр. Ол курдук «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээҺин киин директора Билюкина М.Ю. коллектив аатыттан эҕэрдэлээтэ, махтал суругу туттарда, Майа сэлиэнньэтин депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Судико П.А. (үөрэппит оҕото) «Майа-дойдум барахсан» диэн бочуоттаах бэлиэни туттарбыта сүрдээх долгутуулаах буолла. Олоҥхо дьиэтин эҕэрдэтэ, оройуон депутаттарын сэбиэтин махтал суруга туттарыллан тэрээһин суолтатын үрдэттэ.Биир күннээх семинартан тэрээһин кыттыылаахтараүгүһү билэн, уопут атастаһан махтал тылларын эттилэр.
Баишева Е.С. «Кэрэли» оҕону эбии үөрэхтээҺин киин методиһа.
|