Кулун тутар 29 күнүгэр төрөөбүт улууспут бэлиэ күнүн чэрчитинэн Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһин 145 сылыгар аналлаах Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытыгар анаан «Ааспыты ахтан, кэскили кэрэһэлээн» диэн төгүрүк остуол тула истиҥ-иһирэх кэпсэтии тэрилиннэ.
Бу көрсүһүүгэ педагогическай үлэ ветераннара, улууспут үөрэҕин салалтатыгар араас сылларга үлэлээн ааспыт салайааччылар кыттыыны ыллылар. Көрсүһүү саҕаланыытыгар анал быыстапкалар туруоруллан сырдатылыннылар. Ол курдук, Бүтэйдээх орто оскуолата ССРС норуотун үөрэҕириитин туйгуна, САССР Үтүөлээх учуутала, учууталлар учууталлара А.Н. Анисимов төрөөбүтэ 100 сылынан, Майа В.П.Ларионов аатынан орто оскуолата РСФСР үөрэ5ириитин туйгуна, Саха АССР Үтүөлээх учуутала, “Бочуот Знага” орден кавалера, Учууталлар учууталлара С.С.Платонов 90 сааһыгар, Төхтүр орто оскуолата РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР Үтүөлээх учуутала, “Бочуот Знага” орден кавалера, Учууталлар учууталлара Н.И.Шарин 80 сааһыгар, Мэлдьэхси орто оскуолатын музейа пионерскай, комсомольскай муннук-быыстапканы киэҥник сырдатан туруордулар.
Тэрээһин 7 түһүмэҕинэн история быыһын сэгэтэн сылларынан аттарыллан, ис хоһооно наарданан, онно сөптөөх хоһоон, музыка таҥыллан сэргэхтик ааста. Хас түһүмэх ахсын ыҥырыылаах ыалдьыттар этиилэрэ, ол курдук Мэҥэ-Хаҥалас улууhун үөрэҕин управлениетын начальнига Ирина Васильевна Черкашина, улуустаҕы уэрэҕэрии улэhиттэрин профсоюhун бириссидээтэлэ Степан Андреевич Андреев, Мэҥэ–Хаҥалас улуус дьаhалтатын персоналы кытта улэҕэ сулууспа салайааччыта Иван Петрович Птицын, Мэҥэ - Хаҥалас улууhун бочуоттаах гражданина, “Азия-Саха оҕолорун” фонда стипендиата, Российскай Федерация норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, литературнай музейы тэруттээччи Апполон Михайлович Апросимов, Саха республикатын норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэhитэ, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Мэҥэ – Хаҥалас улууhун бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай наука кандидата Матвей Васильевич Мучин, РСФСР үтүөлээх учуутала, Российскай федерация үөрэҕириитин туйгуна Клавдия Иннокентьевна Копылова, уонна да атыттар, сүбэлэрэ-соргулара иһилиннэ, ону сэргэ эдэр көлүөнэ салайааччылар хоһоонунан, ырыанан, хомус аптаах дьүрүскэнинэн ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Көлүөнэ көрсүһүүтэ олус өрө көтөҕүллүүлээхтик, инники кэскилбит туһугар опыт атастаһыытын курдук дириҥ ис хоһоонноохтук, биир өйгө-санааҕа үлэлии сылдьар салалтаҕа истиҥ махтал тылларынан түмүктэннэ.
Луковцева А.Р., үөрэҕирии салалтатын отделын начальнига
|